Page 166 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 166
туора түһэн биэриэ суох этигит, — диэн Уулаах бэйэтэ бүдү-
гүрбүт санаатын илдьи лэбэйдээн барбытыгар, Кыра Хабы-
рыыс, туох да туолка тахсыа суоҕун билэн, ах баран хаалла.
— Бу миигин хантан дойдулаан сылдьаҕыт?
— Ачаарап Тураҥнааҕыттан.
— Мин ол дойдуну ылбаппын. Дьаҕам баһын биэрбэт буол-
лаххытына...
— Оо күтүр, төттөрүтүн даа. Баайдарга кутурук буолаары
дьаабыланан эрэҕин дуо?
Кинилэр балай да мөккүстүлэр. Уулаах туох да иһин ин-
нин биэрбэтэ. Таҥара дьиэтин толоонугар киирэн кэллилэр.
Уулаах баайдар кутталларыттан атыны тугу да саҥарбат.
— Чэ-чэ, ол «байбыт», «топпут» Дьаҕаҥ баһыгар хаалыаххын
саныыр буоллаххына, уксаан комиссияларыгар этэн көннөт-
төрүөм, — диэн баран, Кыра Хабырыыс Уулаах ойоҕоһунан
айаннатан барда.
— Суох... Суох... Лоҕуйу Дьаҕа баһыгар өрүү угумаҥ. Дьаҕам
баһа бэйэбэр... — диэн Уулаах хаһыытаата уонна ааһан эрэр
киһини эйэлээх хараҕынан көрөн хаалла.
Өргөннөөх ортоку томторугар, таҥара дьиэтин арҕаа өттү-
гэр, саҥа тутуллан, үрдэ сабыллыбыт оскуола дьиэ күндээрэн
көһүннэ. Ити дьиэни быйыл саас ревкомнар маһын тастаран
туттарбыттара. Дьоҥҥо күүс-уох баарын Уулаах бэркиһээн кэ-
бистэ. Ити дьиэ чиэппэригэр эрэ тэҥнээх таҥара дьиэтэ урут
10 сыл устатыгар айдаан бөҕөнөн бүппүтүн санаата. Онтон
бу көҥүһү туоруур Доодороптор кэлэллэригэр-баралларыгар
анаан тутуллубут күрбэ 3 сыл устатыгар айдаан бөҕөнөн бүп-
пүтүн санаата. Ол кэннэ ити тоҕо икки аҥыытын Уулаах кыайан
тобулбата. Таҥара дьиэтин аҕыраадатын иһигэр маҥан кы-
рааскалаах элбэх киһи уҥуоҕун таастара кылбарыһан көһүн-
нүлэр. Кинилэр Өргөннөөх дэриэбинэтин бастыҥ киэргэлинэн
буолар этилэр. Оттон таҥара дьиэтин аалтыырын туһунан,
били биир сааттаах дьыаланы оҥостон баран, ыйанан өлбүт
Анастасий аҕабыыт чардаата бэйэтэ туспа чочуобуна курдук
логлойон олорорун көрөн, аҕабыыт дьиикэй быһыытын санаан,
Уулаах ымаҥнаата.
Эргэ түүнүгүрбүт хоруобуйалаах дьиэлэр анараа өттүлэри-
гэр, арҕаа тыа саҕатыгар турар сугулаан дьиэ таһыгар элбэх
дьон адаарыҥнаһаллар. Бары айан суолун аайыттан аттаахтар,
сатыылар кэмэ суох тоҕу анньан кэлэ тураллар. Ынахтар, тор-
буйахтар маҥыраһыылара, атыыр оҕустар мөҥүрэһиилэрэ, ыт
үрүүтэ, дьон саҥата — бу барыта үрэх баһын киһитин сүргэтин
166