Page 167 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 167

көтүттэ. Кини сааһыгар үөһэ ылбатах төбөтүн өрө тутан, чом-
пойдоох төбөтө хоройон таҕыста. Онтон күрбэ анныгар киирэн,
сирэйин суунна уонна, биэстэ-алтата сөмүйэтинэн сууралаан,
тииһин ыраастаата, ол кэннэ дөйбүүр гыммыт сэбирдэхтээх
лабааларын холбуу тутан, сирэйин дьукку соттон кэбистэ,
бэргэһэтин буоллаҕына, икки кулгааҕын иһигэр бүк угуталаан
баран, бу сырыыга кэтэҕэр кэттэ. Этэрбэһин сигэлэриттэн со-
роҕун көҕүрэттэ, халтаҥ сонун тэбээн баран, кэтэн кэбистэ.
Ол кэннэ хара сыыры өрө хааман, таҥара дьиэтин тумулугар
тахсан кэллэ уонна сугулаан диэки ааста. Баҕар, аҕабыыттаах
ыттара эккирэтиэ диэн, кыра соҕус мохсуо маһы ылан тутан
кэбистэ.

    Былыр кинээстэр, кулуба кэлэригэр анаан, үс остуолбаҕа
сүллүгэс угуталаан оҥортообут сэргэлэригэр хас да ат баа-
йыллыбыт, нэһилиэк сугулаанын үрдүк аатын былдьаабыт буор
сыбахтаах балаҕан тэлгэһэтин иһигэр элбэх дьон аамылаһал-
лар. Мустубут дьоннор барылара куула тыа саҕатынааҕы тыа
күлүгэр төбүрүөннээн олорбуттар. Уулаах, дьиэҕэ таарыйбакка
эрэ, төбүрүөннээн олорор дьоҥҥо биллимээйэбин-көстүмээ-
йэбин диэбиттии, тыа саҕатынан быһа сыбдыйан тиийэн, дьон-
тон ойуччу соҕус, биир титирик төрдүнээҕи көтөҕө үрдүгэр
олорон кэбистэ. Хаһан да кини бу курдук дьон долгуйан кэлбит
мунньахтарын көрбөт этэ. Өссө оннооҕор ордук дьон бу курдук
сирэйдэрэ-харахтара сэргэхсийбитин көрбөт этэ. Уонна Доо-
дороптор, Ачаараптар, ол кэннэ Аркаадьый аҕабыыт бу курдук
өһөн түспүттэрин кини хаһан да көрө илигэ. «Оо, кыра дьон
илиитигэр былаас киирэн, олох уларыйбыт да эбит», — диэн,
Уулаах иһигэр сыана биэрдэ уонна били дьулайар-куттанар
тойотторун сэтэрии санаата.

    Кулуба Баһылай Доодороп дьон таһыгар соҕус, маҥан сол-
ко ырбаахылаах көхсө багдайан, сукуна хомуһуолу түһэҕэр туо-
ра туттан, көгөччөр сукуна сэлээппэни умса уурунан, сукуна
ыстааннаах бэйэтэ буорга балтаччы олорон, эһиги бу айылаах
оҥордугут диэн суҥхарбыттыы, ревкомнар диэки хара ба-
раан, томороон, толуу сэбэрэтинэн көрбөхтөөн кэбиһэ-кэбиһэ,
үксүгэр сир диэки дьөлө сөҥүдүйэн олороро Уулаахха бэрт
дьулааннаахтык көһүннэ. Кини кэннигэр кинээс, быыбарынай
буолан бэйэтин күнүгэр айаҥ-дайаҥ дайбаабыт Ньукулай Ачаа-
рап, билэлээх, бирээскилээх саппыйаан этэрбэстээх, туруйа-
лыы дьоройбут сототун тыылыы тэбэн, били уруккутун курдук
аҥааттан саҥарбыта кэхтэн, били уруккутун курдук хаарыс сон
дьогдьуурун өрүтэ тардыалыыр дьарыга эмиэ уурайан, өрөө-

                                                                                                                                     167
   162   163   164   165   166   167   168   169   170   171   172