Page 163 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 163

гэтигэр тэбээтэ. — Былыр бу Бакыр нэһилиэгэр Доодороптор
диэн түөрт быраат дьон үөскээн сылдьыбыттара. Кинилэртэн
биирдэстэрэ суох буоллаҕына, мунньах буолбат этэ. Онуоха
дылы, билигин эһиги Хотоҕор ийэтин ууһуттан биир киһи суох
буоллаҕына, мунньах буолбат буолла дии... — тойон, бэтэлээх
соҕустук хаастарын сүллэҥнэтэн, дьабадьытын ыртатан, иһи-
гэр ньоҕохтоох эрээри, күлбүтэ буолла.

    — Миигиттэн мунньах тардыллыа диэбэтэрбин даҕаны, дой-
ду түҥэтигэ буолар диэбиттэригэр, буорум хантан ананарын
истээри баран истэҕим, — диэн Уулаах тойон элэктээһинигэр,
хоргутууну ахтан эрэр киһилии сир диэки көрөн туран, хар-
дарда.

    — Убайыҥ Өргөстөй үс уола, бу ороспуонньук былааһыгар
тойот-хотут буолан, бүтүн нэһилиэк сирин талбыттарынан дьүүл-
лээн эрэллэр. Биһиги Тураҥнаахпытыттан эбэтэр Доодороп-
тор Кустаахтарыттан эйиэхэ үчүгэйдик батыччы туттарыахтара
буоллаҕа дии.

    — Тойонуом! Миигин баҕас алҕас саҥараҕын ээ. Мин эһиги
дойдугутун түөрдэрэн ылаары да гымматарбын, уон ыыраах-
пынан хаһан оҥостубут Дьаҕам баһын хайдах көрбүттэрин
истээри иһэбин. Ол мин убайым Өргөстөй Ыстапаан киэҥҥэ
киирбэт, баайга баппат киһи төрөөн-үөскээн ааспыта. Кинит-
тэн үс уол төрөөн хаалбыттарын, уу ньирэй баҕайылары, үрдүк
арҕаспар сүгэ сылдьан иитэлээбитим. Ол хаан хааныттан
хаалбат буолан, турда тураат, тойотторун-хотуттарын кытта
күрсэн бардылар. Ол курдук, биһиги, Хотоҕор ийэтин ууһа,
акаары, сымнаҕас ааппытыгар булуллан төрөөбүт күтүрдэр...
— Уулаах бырааттарын төһө да күндүтүк санаабытын иннигэр,
кинилэр тустарынан бу тылы төһө да этимиэн баҕарбытын
иһин, тыа адьырҕатын курдук суостаах-суодаллаах тойон ин-
нигэр туорайдаабытын уҕарытар санааттан, урут кини, эһэҕэ
түбэстэҕинэ алгыырын курдук, алҕаата.

    Уулаах көрдөһө-ааттаһа саҥарбытыттан уонна бырааттарын
буруйдарыттан туора турунар курдук муҥатыйбытыттан тойон,
уҕарыйан, икки таныытын үүтүттэн хойуу табах буруотун сыый-
талаан кэбиһэ-кэбиһэ, кэпсээн барда:

    — Нохоо! Уулаах! Ити эн өйдөөх-өйдөөхтүк саҥараҕын. Мин
даҕаны абарбычча, сыыр намыһахтыы эн үрдүгүнэн көтөбүн.
Эн аҕаҕын, Миитэрэй оҕонньору, ууһаан, сымнаҕас, көссүө ки-
һигин. Өргөстөй бокуонньук ийэҕитин, Хасхай кыыһа Аананы,
утумнаан, харса-хадай киһи төрөөн-үөскээн ааспыта. Оттон ити
бэдиктэр — үүт-тирии аҕалара. Кинилэр аҕаларын саҕаттан

                                                                                                                                     163
   158   159   160   161   162   163   164   165   166   167   168