Page 168 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 168
бүт өтөн, кэрээбит кэҕэ курдук хам баран, былыргытын курдук,
мунньах иннинэ дьону элэк-хаадьы оҥостуммакка олороро
эмиэ дьикти этэ. Оттон били Уулааҕы ситэн ааһыахсыт, Хаппы-
тыан Ачаарап, мэктиэтигэр сирэйиттэн арыы-сыа чаллырҕаччы
таммалаан, чэ бэйи, Уулаах хайдах буолар диэбиттии, кини-
ни дьөлө көрүтэлээтэҕинэ, Уулаах ньыкыччы туттан, дьоннор
күлүктэригэр тимирэн хаалар. Кинини тула тойоттор, баайдар
олорбуттар. Аркаадьый аҕабыыт, баттаҕа арбайан, уһун сонун
унньулуччу тутан, чэ, син биир кэбилээтиннэр диэбиттии, кыы-
раары олорор ойууннуу, таҥнары сабарайдаан олорбут. Кыра
дьонтон Көҥкөйө уола Саһааннаах Баһылай кинилэри кытта
куодарыспытын көрөн, Уулаах күлэ санаата. Дьон ортотугар
остуолга, былыр кулуба Доодороп олорор анал кырааскалаах
олоппоһугар Кыра Хабырыыс олорбут, киниэхэ ыкса кэккэлэһэ
ревком чилиэннэрэ уонна суруксут олорбуттар.
— Быйыл Арыылаах балыга бэркэ ыан, бар дьон аһаатылар, —
диэн кус түһэрин кэтэһэр мончууктаах дугдаҕа олорор булчут
курдук, Хопто уола Мэхээлэ кимиэхэ эрэ кэпсээбитин истэн,
Уулаах, сүһүөҕэр турбакка эрэ, лаҕырҕайдаан, дьон ортотугар
киирэн, кэпсэтэн барда уонна бэйэтин Дьаҕатын баһынааҕы
көлүйэлэр балыктара тахсыбатахтарын муҥатыйан кэпсээтэ.
Бөлөхтөөн олорор сорох дьоннор сир солооһунун, оттон со-
рохтор бүтэй тутуутун туһунан кэпсээннэрэ тобуллубут.
— Табаарыстар! Кэлиэххэ айылаах дьон бары кэлбиттэр...
Онон мунньаҕы аһыахха сөп буолла, сааһылаһан олоруҥ! —
диэн, Кыра Хабырыыс дьону бэрээдэккэ ыҥырыыта, олоруох-
тааҕар була-тала сатаан кэпсэппит кэпсэтиини тохтотто. Төт-
төрү-таары түбэһиэх олорбут дьон бары, остуол диэки хайыһан,
үкчү мончуугу дугда диэки хайыһыннаран олордоллорун курдук
буоллулар.
Уулаах, дьаныардаах Дьаҕатын туһунан чуолкайдык истээри,
бэйэтин чомпойун, хайдах эрэ уоруллубут чомпой курдук, туу-
ра тардан ылан, кистии-саба суулуу тутан баран, онтукайынан
буору-сыыһы тарыйа олордо. Бу сир түҥэтигин боппуруоһа
саҕаланыаҕыттан ыла хаста даҕаны күүрээннээхтик мөккүһэн
бараннар, кыайтарбыт баайдар-тойоттор, хаҥыл бэйэлэрэ сы-
һыйан, уорбуттара арыллан, суукка олорор түөкүттэр курдук,
дьөлө соҥуоран олордулар.
Мунньах бэйэтин сыалын быһыытынан күннээҕи көрөр боп-
пуруоһун быһаарыыга киирдэ. Ревком суруксута сир уксаанын
биэдэмэһин ааҕан барда. Дьоннор араспаанньалара, ааттара
уонна алаастар, үрэхтэр ааттара, уу сүүрүгүн курдук, ааҕыл-
168