Page 173 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 173
холоотоҕуна даҕаны, абааһылары бэркэ дьаныйан этэртэн тар-
дына сатыыра. Уулаах маннык өйүгэр-санаатыгар утары, рев-
комнартан биир булгуччу толоруллар сорудах кэлбит.
«Уулаах бу киэһэни ааспакка, атын дьаамҥа киллэрэн биэр-
дин!»
Күн киэһэрэн тиит баһыгар түһэн эрэр этэ. Уулаах, саараҥ-
наан көрөн баран, хайдах да гынар кыаҕа суох буолан, түүн-
нэри атын илдьэн биэрэргэ тиийбитэ.
— Нохоо! Эн бу түүн соҕотоҕун хоноҕун. Мин аппын илдьэ
түүннэри... — диэбитэ Уулаах, атаҕын таҥна-таҥна, саҥата
суох олорбохтоон баран, — бардаҕым дии. Ааҥҥын иһиттэн
олунан кэбиһээр, сарсыарда, мин хойутаан хааллахпына, ийэҥ
нэк сонун кэтэн тахсаҥҥын, далгын ыраастаан бараҥҥын,
ынахтаргын аһатаар! — Уулаах ити курдук 14—15 саастаах, ил-
бирийбит таҥастаах, айаҕын аллаччы аппыт, хараҕын ыппаа-
рыччы көрбүт уолугар сүбэ биэрбитэ. Онтон таһырдьа тахсан,
таҥхайбыт быһыылаах, тараах туйахтаах улаан аты сэргэттэн
сүөрэн ылан, саҥардыыҥҥыта киһи көмүллүбүт тумулун ан-
нынан баран иһэн, кэннин хайыһан көрбүтэ: уола, батыһан тах-
сан, көрөн турара.
— Нохоо, ычча, тоҥуоҥ, киир, — диэн Уулаах, атын тохто-
тон баран, иччитэх үрэх тыата бүтүннүү аймана түһүөр диэ-
ри хаһыытаабыта уонна уола киирбитин кэннэ бара турбута.
Уулаах, бу курдук айаннаан, кыһыҥҥы ыйдаҥалаах киэһэ ти-
биилээх суолу тэлэ хааман, киһитэ-сүөһүтэ суох үрэх баһын
уххааныттан тахсан, хас да абааһылаах аатырбыт алаастары
ааһыталаан, быйыл ревкомнар саҥа олохсуйбут сугулааннары-
гар чугаһаан испитэ. Былыр Мара алааска Буокаан кийиитэ
Ылдьаана ыйанан өлбүт өтөҕүн таһынан ааһарын санаатаҕына,
кини, муустаах уунан саба ыстарбыт курдук, этин сааһа аһыл-
лан дьар гына түһүтэлиир. Онтон уһун чомпойдоох, быарынан
курдаммыт муҥур тиит саҕа киһи ойоҕолуу хаамсан дьиэр-
бэҥнэспитин көрөөт, хаһыыра түһэн баран, атын моонньугар
сөрүөстэ түстэ уонна хайдах эрэ уоскуйбут киһилии өйдөөн
көрбүтэ, бэйэтин күлүгэ буолан хаалла. Ата буоллаҕына өсө-
һөн, моонньун баттаппытыттан баһын кыдьыччы соҕус умса
тутан, аат харата хааман дьүккүйэн истэ.
— Туох сатана сылгытай, доҕоор! — диэн абатыгар атын
илгиэлээн суптурута тиҥилэхтээн ылбахтаата.
Ыйанан өлбүт Ылдьаана моонньугар бааммыт эриэн ынах
быатынан баттахтаах баҕананы лүһүгүрэччи соспутунан илэ-бо-
173