Page 178 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 178
Үтүө ыалы үөлэһин үүтүнэн көстөр, үс дьүрүскэннээх өндүл
мэҥэ халлаан үрүт мындаатыгар олохтоох, үрдүк нуоҕай бэр-
гэһэлээх, үөҥэс бэдэр тириитэ саҕынньахтаах, үүс-киис ти-
риитэ үтүлүктээх Үрүҥ Аар тойон балта, күөх от үктэллээх,
күөрт бөрө тириитэ олбохтоох, көмүс кымньыы дапсыырдаах
күн уота манаардаах Күрүө Дьөһөгөй эдьиийэ Айыы Уруйдаан
удаҕан, арҕаспынан охсуллар айгыраһы аарыгырдан, атахпы-
нан охсуллар атара бытырыыһы нусхалдьытан, аҕыс кулгаахтаах
айдаан-маҥан дүҥүрү аргыый аҕай аалан-охсон, айан-дайан
эккирээн, айыыһыт хотун алгыстаах аламай-дугуй аартыгын
арыйа туойан, аҕыс иилээх-саҕалаах атааннаах-мөҥүөннээх
аан ийэ дойду ача от аҥаарыйа быкпыт, аламай күн алаа-
рыйа тыкпыт, айхаллаах-уруйдаах арҕаһын туһугар ахталыйан
кэллим!.. Тоҕонохпуттан айгырыыр тордуйа хобону чугдаары-
та тыаһатан, тобукпунан охсуллар нуоҕай-нусхал бытырыыһы
долгулдьутан, тоҕус кулгаахтаах чоҥ-чаҕаан дүҥүрү тор тэһи-
иниттэн туора тутан, токур былаайаҕынан тоҥсуйан дугук-ду-
гук охсон, томоонноох соҕустук тойук туойан, дьоллоох чу-
луу маҥан аартыгы тобулу туойан, туруу бараан дойду туой
кэрэ ньуурун туһаайдым!.. Аан дойду иччитэ Аан Алахчын
Арылы-Мичил хотун аҕаһым, алгыс мыынан атыҥырыыр буо-
лаайаҕын! Туруу-бараан дойду иччитэ Туналы-Мичил хотун
доҕорум, ойук мыынан туора көрөр буолаайаҕын. Көхсүттэн
тэһииннээх күн-хаан улуустара көстүбэтинэн күөмчүлэммиттэ-
рин көмүскүү түстүм, арҕаһыттан тэһииннээх айыы-хаан ай-
махтара абааһынан атаҕастаммыттарын араҥаччылыы айан-
наатым... Абар-дьабар суостаах, аан күдэн тыыннаах адьарай
бииһин аҕата буолан ахталыйбыт, адаҕатын төлөрүппэтэх, ар-
баҕаһын устубатах, андаҕарын кэрэйбэтэх Арсан-Дуолай бал-
та, буулаҕатын булгуйбатах, буорун-сыыһын тэбэммэтэх, бу-
руйун билиммэтэх Бухар-Даадар Буор-Сөгүдү эдьиийэ, уйут
хара мас ортоку мутугар, олгуй саҕа уйаланан, удаҕаҥҥа уһу-
йуллубут, иһир хара мас ис мутугар иһит саҕа уйаҕа иирэргэ
иитиллибит, ат бастаах атыыр куонньайдаах аар баҕах төрдү-
гэр хаан хабан, бөлүөх ытыран, кэмиэрийэн-кэтэрэн көппүт,
сүдьү баҕах анныгар субай хааҥҥа сууммут, туорай кэрэх төр-
дүгэр туойбут-чупчуйбут, күдэн түлэһи күлүн оннугар көхсүнэн
үҥкүрүйбүт, босхо бастаах, бокуйар сүһүөхтээх, бобуллар күө-
мэйдээх, бураллар баттахтаах Кыырар-Чохчой Кыра Чаҥый
кыыс солуонньай удаҕан оҕуурдуу бырахпыт оһолун быатын
уһулу туойдум, эрийэ бырахпыт илбиһин быатын эччийэ дом-
ноотум... Кыырар-Чохчой Кыра Чаҥый кыыс солуонньай! Одун-
178