Page 176 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 176
нахпытына, сынньыталаары гынан туран олоҥхолоторо. Дьэ,
эн киниэхэ аккаастана барбаккын...
— Бокуонньук баайдарга өргөс-кылаан майгыннаах киһи
этэ, — Көкөт Сэмэн ыстаан быллаҥныы олорон саҥарда.
— Уолаттара диэн баара дуо! — диэтэ Мэхээлискэ.
— Чэ, өлбүт киһи туһунан ыаспайдаамаҥ. Оттон, биллэн
турар, баайдары кытта бэрт былдьасыһа сатыы сылдьыбыта
буолуо. Хата, хайаҕыт олоҥхолуур?
— Суох доҕор, бэрт эрэ былдьаһар буолбатаҕа. Кыра киһи-
ни баттанартан көмүскүүр иннигэр ууга-уокка түһэрин кэрэй-
бэт этэ.
Аҕыйах дьиэ кэргэттэрэ икки аҥыы хайдыстылар. Сорохто-
ро Уулаах олоҥхолууругар, сорохторо Хопто уола олоҥхолуу-
ругар тыл киллэрдилэр.
— Ордук дьоҕурдаан уустуктук этэринэн, этиһиннэртиирэ
өйдөөҕүнэн Мэхээлискэ ордук, оттон силлиэни-холоругу тү-
һэрэринэн, күүстээх, кытаанах тылынан Уулаах ордук. Дьэ ону
бэйэҕит талыҥ, — диэн Хабырыыс икки олоҥхоһукка сыана
биэрбитигэр таба этитэн, Уулаах, саҥарбакка эрэ, мичиҥнээн
кэбистэ.
Көкөт күтүөтэ Тэйэр Баһылай ойохтуун Хопто уолун диэки,
оттон Көкөт эмээхсининиин Уулаах диэки буоллулар. Онон,
куолас тэҥнэспитигэр, Хопто уолун диэки Хабырыыс охтон,
Мэхээлискэ олоҥхолуур буолла.
— Мин, Ааныскам өлөн, бэйэм да испиттэн саҥам тахсы-
бат буола сылдьар. Онон оҕонньору сөпкө таллыгыт, — диэн
Уулаах талыы таба сүрүннэммитин хайҕаата.
— Былыр-былыргыттан бу Бакыр нэһилиэгин курдук ырыа-
һыт, олоҥхоһут уутуйан үөскээбит сирэ суох, — Хопто уола,
этин сии-сии, кэпсээн барда. — Мин кыра уол эрдэхпинэ,
биир кэмҥэ Оросто уола Ырыа Дьаарай, Абааһы Ньукулай
уола Саракааса Ньукулааскы, Муос уола Олоҥхоһут Онолу,
Атааннаах уола Ырыа Чоргуй диэн дьон үөскээн сылдьыбыт-
тара. Олортон Ырыа Дьаарайы Лиэпчикэп кулуба сааһын ту-
хары ырыаһытынан дьиэтигэр тутан олорбута. Кини, тойоно
өлбүтүн эрэ кэннэ, икки хараҕа суох буолан, токуччу кырдьан
баран, босхолонон, дойдутугар кэлэн өлбүтэ. Олоҥхоһут Оно-
луну Оруоһун кулуба хас уруутун, ыһыаҕын аайы 20 көс сир-
гэ аттаах киһи ыытан, туттаран ылара. Атааннаах уола Ырыа
Чоргуй Өлөксөй кулуба уруутугар ыллаан саҥа дьиэрэтэн ис-
тэҕинэ, абааһы тойон өһүө баһыттан «Но!» диэн хаһыытаабы-
та үһү. Оттон бэйэбит кулубаларбыт Доодороптор бу Бакыр
176