Page 181 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 181
— Бэйи, ити бассабыыгы кытта хас үйэнэн уруулуу киһи тү-
бэһэрий? — диэн Уулаах, Хопто уолун босхолуулларыгар да-
ҕатан, «кини Хабырыыһы кытта биир үйэ арахсыбыт уруу» диэн
эппиттэриттэн олоҕуран, ыйытта уонна кини бу большевигы кыт-
та бииргэ төрөөбүт быраат буолбатаҕын дакаастаһыан санаата.
— Чэ, ньыллыргыы турума, хата сыгынньахтан! — диэн биир
таба саҕынньахтаах киһи саҥарбыт саҥатыттан Саһааннаах
уола Сымалла Бүөтүрү биллэ уонна били кини ыраахтан иһэр
омук дьонун курдук истэр дьоно барылара дьиэ таһынааҕы
дьон буолбуттарыттан кэлэйдэ.
— Дьах... Дьах... — диэн Уулаах бэйэтэ, туох да дьыалаҕа
орооспокко, Дьаҕа баһыгар бүгэн олорорун туһунан кэпсээри
гыммытын, истибэккэ, үлтү түрдэрэн, хаайыыга илтилэр.
Уулаах, олоҥхо буолар кэмигэр быарыгар туттунан олор-
бут куобах уорҕата истээх сонун кыбыммытынан, им-балай
хараҥа чуулаан боруогун атыллаан эрдэҕинэ, көхсүттэн саа
луоһунан умса анньан кэбиспиттэрэ, муостаҕа тыылан сып-
пыт киһи үрдүгэр тиийэн, ат буола түстэ. Кини өлөөрү ыар
ынчыгы ынчыктыы сытар киһини харбыалаан баттаҕын тутан
көрдө уонна, бэйэтэ төһө да ыарыйдар, киһитин аһынан, ытам-
ньыйа-ытамньыйа, иһиллимээрэй диэн, кыратык сибигинэйэн,
саҥаран барда.
— Өлөрдүлэр дии... Өлөрдүлэр дии... Дьэ, аны кэлэн... —
диэтэ уонна куобах уорҕата истээх сонунан сабан биэрдэ.
Сотору соҕус буолаат, Тэйэр Баһылайы аҕалан умса асты-
лар. Тэйэр Баһылай «буруйунан» саҥа тутуллар оскуолаҕа
маастарынан үлэлээбитэ уонна Советскай былааһы хайҕаан
ыллаабыта буолбут.
«Ок-сиэ! Хайдах-хайдах дьүүллээх баҕайыларый?» — диэн
Уулаах иһигэр санаата уонна тугу да саҥарбата.
Кини урут бандьыыттары син ыллыктаах дьон буолуохтара
дии санаабыт итэҕэлин сүтэрдэ.
— Көхсүм хараарда... Утахта аҕал!.. — диэн Хабырыыс, ык-
саабычча, Уулааҕы хаһан да толорбот суолунан кыһайда.
Уулаах, ону-маны көрбөхтөөн баран, хараҥа ортотугар ма-
ҥаас ынах сирэйин курдук бүдүк-бадык туртайан турар, кы-
рыатамматах муус түннүгү өйдүү биэрдэ уонна, ойон туран,
өтөр-наар лэппийиллибэтэх тыҥырахтарынан тарбаан, түннүк
кырыатын, кирээстээх ытыһыгар бөчөхтөөн аҕалан, Хабырыыс
айаҕар уган биэрдэ. Ону көрөн, Тэйэр Баһылай эмиэ кырыаны
тарбаан айаҕар укта.
— Кэбис, кэбис, доҕор! Эн, быһыта сынньыллыбатах эрээ-
181