Page 186 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 186
кыраан сыталларын көрөн, Уулаах иһигэр: «Айалаабыт киһи
бэрт да буолуо эбит», — дии санаата, ол кэннэ түбэспит ал-
дьархайын өйдүү биэрэн, бэйэтин «иҥсэтиттэн» кэлэнэн, сиргэ
силлээтэ. Тыа ортотугар уматыллыбыт кутаа курдук, илин сис
тыа быыстарынан кыһыҥҥы күн саҥардыы тахсан иһэр сар-
даҥата тыкта.
— Дьэ түбэспэтэх өлүүбүтүгэр түбэстибит ээ... Биһигини хай-
дах гыныахтара дии саныыгын? — диэн Уулаах иккиһин до-
ҕоруттан ыйытта.
— Биһиги өлбүт дьоммут... Эйигин хайыыр буоллулар...
— Дьэ, бэрт өлүү доҕор... Бэйэҕит даҕаны, киһи курдук сыл-
дьар эрдэххитинэ, төһө эмэ этэ сатыырым. Истэр аата диэн
суох этэ... Били убайдарыҥ да бу алдьархайтан тыыннаах хаа-
лаллара биллибэт. Ийэҕит, эһэҕит эрэйдээхтэр сорго хаал-
лахтара. Биһиги ийэ ууһа эһиннэхпит. Ити мин күөл акаары
уолум, тыыннаах хаалан, сир чэчирэ буолан, сириэдийэр үһүө.
Хата, кини баҕас бу күннэргэ Дьаҕа баһыгар тоҥон өлөр ини...
— Уулаах талбытын дойҕохтуу истэ, ол кэннэ өссө дойҕох-
туох киһи, уһугар тиийэн, ытамньыйан, саҥата бобуллан, онон
тохтоото.
— Мин уол оҕо төрөөн, бу дойдуга сүүрбэттэн тахса сыл
олорон ааһарбар, кыра дьон баттыгастан тахсалларын иннигэр
көмөлөспүтүм — дьолум диэн ол буолар. Мин киһи буолбут
чиэспин толорунан өлөн эрэбин. Өлөрбүттэн абатыйарым диэн,
бастакытынан, Советскай былааска өссө көмөлөһүөх киһи быс-
тах ороспуонньуктарга түбэһэн өлбүппүттэн, иккиһинэн, туох
да утарылаһыыта суох атаҕастабыллаахтык түбэспиппиттэн
уонна олох көнөрүн көрбөккө өлбүппүттэн буолар.
Уулаах бэркиһээн, тииһин быһа хабырынна уонна тугу да
хардарбата.
— Уулаах! Баҕар, эйигин өлөрүөхтэрэ суоҕа. Оччоҕо дойду-
гар эргийэн кэлиэҥ уонна Советскай былааска олоруоҥ. Мин
убайдарым, бандьыыттар хааннаах буулдьаларыгар табыллы-
батахтарына, эмиэ кэлиэхтэрэ. Оччоҕо эн кинилэргэ илдьит
буол: тэрийэн испит колхозпун ситэ тэрийдиннэр, ол кэннэ
ийэм уонна эһэм икки мин туспунан ытыы-соҥуу сылдьыба-
тыннар...
Уулаах: «Оо, бэйэ ииппит оҕото үчүгэй да дириҥ-далай са-
наалаах киһи буолан үөскүүр эбит, доҕор! Бу өлөн иһэн... эмиэ
колхоз буола-буола!» — диэн иһигэр санаата уонна тугу да хар-
дарыан булбата...
Алта хаайыылаах дьоннортон сорохторо тоҥон, үлүйэн
186