Page 191 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 191
бөлөх ыал хоту баһыгар киирэн кэллилэр. Хас да кыымнарынан
кытыастыбыт дьиэлэри ааһыталаатылар. Дьон төттөрү-таары
хаамсыылара элбээн барда.
— Көр, эрэттэр өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэлбит-
тэр, — диэн онтон-мантан хаһыылар иһиллибиттэригэр, Уулаах
дьон кыыллыйыытын сөҕө санаата.
Ол эрээри итини Уулаах бэрт элбэх нэһилиэктэртэн сыыл-
лан мустубут дьон курдук санаабата, хата соҕотох бу эргин-
нээҕилэр буоллахтара дии санаата. Уҥа үс түннүгүнэн муус
бүтэйдии уот сандаарбыт дьиэтигэр чугаһаан кэллилэр. Ол-
буор иһигэр элбэх дьон адаарыһан көстүбүттэриттэн, Уулаах
чой буолбут этэ тарта.
— Хас кысыл баар? — диэн сахалыы үчүгэйдик билбэт нууч-
ча, Уулаах ата саҥардыы олбуор иһигэр киирэн истэҕинэ, на-
чальник тойонтон ыйытта.
— Алта кыһыл баар...
— Хотохоровтар?
— Биир Хотохоороп баар. Икки Хотохоороп кыһыл барда.
Онон суохтар. — Ити курдук этэрээт начальнига, саха тылын
олуйа этэн, нууччалаабыт курдук сананна.
Сиргэ силлээн үөхсэ-үөхсэ, үрдүк бараан бэргэһэлээх, кыл-
гас таба саҕынньахтаах, таба тыһа уһун күрүмэ этэрбэстээх,
аҥаар илиитигэр кымньыы тутуурдаах киһи тиийэн кэллэ.
— Хотохоров волревком дуу, насревком дуу?
— Бу наас-өрөпкүөм, — начальник Хабырыыһы ыйда, ол кэн-
нэ тойонтон куттаммыт курдук тутунна. Элбэх саалаах дьон
үмүрү анньан кэллилэр. Кинилэр үкчү баһаарга атыыланар
аты көрөр дьон курдук буоллулар. Дьон бары ынырыктаахтык
туттубуттарыттан, Уулаах ат баһыгар уһун сиэлгэ күлүктэнэн
турда уонна, урут Хабырыыс өлөрүллүө суоҕа диир бутуурдаах
санаатын сүтэрэн, кэлиэх-барыах сирин булбат буола түстэ.
— Хотохоров эн дуо?
— Мин кимим эйиэхэ туох наада? — Кыра Хабырыыс, төт-
төрү бэйэтэ билиэннэйи кытта кэпсэппиттии, модун куолаһы-
нан бардьыгынаан хардарда.
— Ах, большевик! Миигин, офицеры, кытта бу курдук кэпсэ-
тэҕин дуо? — диэт, Хабырыыһы, сирэйэ-хараҕа диэн тумуннар-
бакка, үлтү куһуйан барда. Хабырыыһы, атаҕынан тэбэ сатаа-
бытын тиэрдибэккэ, саалаах дьон быһыта сынньан түһэрдилэр
уонна тохтообокко эбии кырбыы турдулар; тойон буоллаҕына
кымньыытынан куһуйа сырытта. Бэргэһэтин быатын биир киһи
быһыта тыытан ылан, хоонньугар уктан кэбистэ, саал былаа-
191