Page 192 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 192
тын иккис киһи субуйа тардан ылан истэҕинэ, үһүс киһи тар-
дыалаһан барда. Онтон биир киһи, өлбүт сүөһүнү тыһын сүлээ-
ри гыммыттыы, атаҕынан тыыллаҥныы сытар киһи этэрбэһин
быатын сүөрэн барда.
— Бэйи тохтооҥ!
— Өлбүт ... өлбүт...
— Дьэ оччоҕо таҥаһын ылла уонна ытта надо!
Этэрбэһин сүөрбүт киһи аҥаар атаҕыттан этэрбэһи ылыар
диэри, атын киһи аҥаар этэрбэһин ньылбы тардан ылла.
— Аҕал, Хооһой, этэрбэһи.
— Хата эн аҕал аҥаар этэрбэһи...
— Бытархай уола кэм буолуо... үнүргү киһи этэрбэһин эмиэ
ылбыта. Ол кэннэ былдьаһар...
— Бэҕэһээ Торуой Бакыр суруксутун таҥаһыттан мин мап-
пытым буолбат дуо?
Ол икки ардыгар киһилэрэ, иҥиир ситиитин тартаран, күүс-
күүһүнэн чиччигинэччи тыыллаҥнаан барда.
— Киһи тураары гынна!.. Кэлиҥ, көмөлөһүҥ!
— Чэ, соһуҥ!
Соһон күрдьүк таһын диэки илдьэн иһэн, сонун устан ыллы-
192