Page 195 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 195
махтай баһылыктаах бандьыыттар кэлэннэр, кинилэри дэлби
кырбаан, Уулааҕы тутан илдьэ бараллар. Хаайан сытыара түһэн
баран, биһигини син биир утары көрүө суоҕа диэн, Уулааҕы
босхолууллар. Кини дьиэтигэр кэлэн, быраатын Хабырыыһы
көмсөр. Бандьыыттар арыый хойутаан кэлэллэр, абаларыгар
өлбүт киһини иин курдат ытыалыыллар уонна Өлөөнө эмээх-
сини тутан илдьэллэр.)
VII глава
Уулаах, атаҕын ыарыыта бэргээн, түүн утуйбакка өрө мөх-
сөн таҕыста уонна дьонун урукку турар кэмнэринээҕэр быдан
эрдэ уйгуурдан туруортаата. Оттон бэйэтэ буоллаҕына, ыал-
дьар атаҕын сыҥаһаҕа туора тэбэн, турбакка сытта.
Тахсан эрэр сааскы күн саһарҕата, бүтэ оспут кыараҕас
түннүгүнэн хаппахчыга тыган, күлэ-үөрэ күлүмнүү турда. Иҥнэ-
ритэ-таҥнарыта барбыт эргэ балаҕан ортотугар турар бобо
сыбаммыт буор оһох саҥа күөдьүйэн тыаһаан-ууһаан, бачыр-
ҕаан, төлөннөөх уоттар төбөлөрө, өрүтэ үөмэхтэһэн, хаппыт
хардаҕастары кытта туһуннулар. Уулаах кийиитэ Сүөкүлэ, уотун
оттон, сирэйин суунаат, бэҕэһээ төрөөбүт саадьаҕай торбоһун
көтөҕөн, хотонугар киирэн барда.
Сэрии уурайбыта хас да сыл буолла, ол тухары Өргөннөөххө
өлбүт кэриэһэ кыайан толорулла илигин туһунан Уулаахха кы-
һыы санаалар эмиэ киирэн кэллилэр. Оттон кини, бу туһунан
кыһана сатыыра буолан баран, кыайар кыаҕа суох этэ. Ол
иһин атын сиртэн дьон кэлэн тэрийэн колхоһу олохтуулла-
рын кэтэһэр да, ол эмиэ табыллыбатаҕа. Айаҕалыы сатаан,
балаҕанын иһигэр: «Сэбиэппит бэрэссэдээтэлэ Тугуттай Бүө-
түр — Доодороп кулуба кутуруга», — диэн мээлэ айдаарара.
Сорох ардыгар: «Эн Доодоробу кытта тэҥҥэ түһүүнү-тардыы-
ны түһэрээри гынаҕын дуо? Миигин туох иһин өһүүгүн?» —
диэн Тугуттайы кытта этиһэр буолбута. Онтон быйыл кыһын
хантан да көмөтө суох бэйэтэ колхоз тэрийээри, чугас ыалла-
рын кэрийэ сылдьан, колхозка ыҥырбыта. Кини колхоз тугунан
туһалааҕын дьоҥҥо кыайан өйдөппөтөҕө, хата кини, бэйэтин
эйэтинэн дьону колхозка киллэрээри, ааттаһа-көрдөһө сатаа-
быта, ол кэннэ баар эрэ биир тыла диэн буолара: «Чэ доҕот-
тор, Хабырыыс кэриэһин толоруоҕуҥ!» — диэн.
Дьон буоллахтарына, колхоз туһатын туһунан тугу да өй-
дөөбөккө туран, аҥаардас биир өлбүт киһи кэриэһин толорор
иннигэр билбэт суолларыгар киириэхтэрин туттуммуттара.
195