Page 198 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 198

диэн, хотон иһигэр сылдьар дьахтары хаһыытаата уонна, кы-
лыйан тиийэн, уу ылан, суунан барда.

    Бөтүҥ Хооһойо көтөн түстэ, үтүлүктээх бэргэһэтин устубак-
ка туран, Сэмэнчик кэлэн мунньах буолан эрэрин туһунан кэп-
сээтэ уонна, Уулааҕы мунньахха ыҥыран баран, сүр тиэтэли-
нэн тахсан барда.

    — Чэ, тойон кэлбит буоллаҕына, дьэ абыраатаҕа, — диэн,
кини колхоһу тэрийэр туһунан хойутаан кыһаммыт абатыгар
Уулаах өс-саас курдук саҥарда.

    Ынах ыы сылдьар дьахтар таҕыста, таһырдьа үлэлии тахсыбыт
киһи киирдэ. Ити аата Уулаах кэргэттэрэ бары баар буоллулар.
Онон-манан ньаалбаанынан үүдэһиннэммит чааскылары остуол-
га уурталаатылар уонна туллубутун буорунан бобо сыбаан тут-
тарбыт тумустаах чаанньыктарыттан хатыҥ эмэҕиттэн көөнньө-
рүллүбүт чэйдэрин куттулар. Ол кэннэ тула олорон, дөрүн-дөрүн
тыастаахтык сыпсырыйан, чэйдэрин иһэн бардылар. Кинилэр та-
ҥастыын-саптыын, иһиттиин-хомуостуун, астыын-үөллүүн үлтү-
рүтүллүбүт ыар баттыгас хара дьай хаалынньаҥын үрдүк ар-
ҕастарыттан өссө да түһэринэ иликтэрэ көстөр.

    — Бүгүн мунньах буолар үһү, колхоһу тэрийээри Сэмэнчик
кэлбит, кунаҥҥын аҕалан көлүй, — Уулаах тутааҕа суох чаас-
кытын икки илиитинэн бобо тутан, сылааһыттан уоһун сиэтэн
өрө чинэс гына-гына, чэйин иһэ олордо.

    Ону истэн, уола чанчыгын саҕатыттан бычыгыраабыт көлө-
һүнүн илбирийбит бүлгүннэринэн дьукку соттон кэбистэ уонна,
куолутунан, туох да оттомо суох саҥаран, барыны бары хой
баһынан ыйыталаһан бараары гыммытын, Уулаах үлтү бардьы-
гынаан тохтотто.

    — Акаарыа, ол кэргэттэри кытта холбууллар үһү диэн Доо-
дороп кулаак тыла буолбат дуо? Ону кырдьыктанаҕын дуо?
— диэн баран, Уулаах уолун диэки кыламана суох кыараҕас
харахтарынан, өс саҕа буолбут курдук, көрүтэлээтэ.

    Кини, уолун үрдүгэр кыырт курдук түспүтүн да иһин, үс кы-
һыны быһа бу тылга кыайтарбыта, бу тыл сидьиҥ сымыйатын
кыайан дакаастаабатаҕа.

    Аһаан бүтээт, Уулаах, сэмнэх курдук сэттэ сиринэн сири-
тэ-хайыта барбыт суппуунун кэтэн, били уруккуттан ыла үс
намалҕалаах дьирим курун курданан, чой буолбут чомпойун
кэтэн, барарга тэриннэ, тайаҕынан чиэстэнэн, аҥаар атаҕынан
кылыйан, тахсан барда. Онтон алдьаммыт адарайдаах сыарҕа-
ҕа баран олорон кэбиһэрин кытта, уола ньаччаҕар муостаах
саадьаҕай кунанын аҕалан көлүйдэ. Уол, кунанын ойоҕолоон,

 198
   193   194   195   196   197   198   199   200   201   202   203