Page 201 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 201
— Тоҕо, урааҥхай оҕото эрээри, улаан ньуургун уларытан,
одун халлаан улаҕатыттан орулуостуу ордоотоон түстүҥ? Тоҕо,
киһи оҕото эрээри, кэй-чаҕаан сэбэрэҕин кистэнэн, киэҥ хал-
лаан кэтит өрөһөтүттэн кэдэрги тайаан кэллиҥ? Тоҕо, саха оҕото
эрээри, саһарҕалаах сирэйгин саһыаран, сандал маҥан халлаан
саһарҕатын анныттан санньылыйан-саптан сатыылаатыҥ? Үрүк-
түрүк олорбут ааппар үрдүк халлаан өҕүйэн түһэрбит үгүрүөтэ,
өлүөр этиҥ үөрэҕэстэниэ, киһилии олорбут ааппар киэҥ хал-
лаан кэҕэрдэн киллэрбит кэҕэтэ, кэтит үтүгэниҥ бүөлэниэ. Эн
саҕа эргэнэ бэйэлээҕи иҥнэрбитим, дьороҕоно сотолооҕу то-
һуппутум. Халыҥ тириигин хайытыам, хара хааҥҥын тоҕуом,
хатан бүлтэскин кумалыам, өлүөр эккин үөрэҕэстиэм, өһөх хааҥ-
ҥын тоҕуом, өргөс кылааҥҥын мүлүрүтүөм! Өйдөөх-төйдөөх
эрдэххинэ, өскүн-сааскын муҥатый, киэҥнээх-куоҥнаах эрдэх-
хинэ, кэриэс тылгын кэпсиэ! — дэтэн бүтэрдэ.
Үөрүү-көтүү элбээтэ, оҕонньор куолаһа уонна хоһооно хаал-
батаҕын бары бэркиһээн кэбистилэр. Онтон уочарат Уулаахха
тигистэ.
— Оннооҕор бандьыыттар ыстыыгынан тирээн туран олоҥ-
холоппуттарыгар олоҥхолоон турабын. Манна баҕас, сатан-
нар-сатамматар да, ыллыыр баҕайым ини... — диэн баран,
Настаа диэки өстөөх хараҕынан өтөрүтэ көрүтэлээн кэбис-
тэ уонна тайаҕын аттыгар тыастаахтык талыр гына бырахта,
ыарыылаах атаҕын өлүөр атаҕар хатыйа уурда, ол кэннэ, аҥаар
өттүн диэки иҥнэри соҕус туттан олорон, уоһа бэллэччи тү-
һэн, кус сымыытын саҕа хос куолайын болчуоҕа эйэҥэлээн,
ис-иһиттэн эҥсилгэннээх кэрэ-чуор куолаһынан айыы буха-
тыырын ыллатан барда. Кини бухатыыра Кыыс Ньургун бэйэ-
тин төрдүнэн-ууһунан кэп туоммутугар хардары, кини даҕаны
иһит үрдүн испит ийэлээх, ас үрдүн аһаабыт аҕалаах, уһаат
айах уруйдаммыт удьуордаах, төрүт дьонтон төлөһүйэр быаҕа
төрөөбүт, улуу ыалтан оҥоруу бөҕөнөн ууһаабыт, көрүөх-билэ
дьонун көхсүлэригэр көнньүөрэн үөскээбит, аймах-чаҕар дьо-
нун арҕастарыгар атаахтаан дархаһыйбыт киһи ситэри силгэ-
лэнэн, толору дулҕаланан, бу хотуну албан уккуйбутун, аат ньа-
ҕыдыйбытын этиттэ. Ол кэннэ, кини, манна кэлэн, ача кырыска
атыллыы, алаһа дьиэни тэлэйэ илигинэ, өргөс-кылаан өлүөр
этигэр үҥкүүлээбитин, үҥүү-батас өһөх хааныгар дугдуруйбу-
тун, хатан тимир халыҥ куҥугар талбаатаабытын, хараҕалаах
үҥүү хара хааныгар күөрэйбитин, өлүүлээх-өһүөннээх өс-саас
буолбутун кэпсээтэ. Онтон уһугар тиийэн:
— Олорон биэрэн уорҕабынан тыырдарыам, оройбунан то-
201