Page 202 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 202

булларыам, уолукпунан булкуйтарыам суоҕа. Туран биэрэн,
тобукпунан тоһуттарыам, тоҕонохпунан сарбыттарыам, тоно-
ҕоспунан бүлгүрүттэриэм суоҕа. Хайабыт даҕаны халыҥ куҥу-
гар хатан тимир дьаарбайыа, иккиэммит этигэр илбистээх сэп
иэнигийиэ, суорума сурукка суруллубуттар дьороҕоно сотоло-
рун тоһуппуккун, итэҕэс айыыга этиллибиттэр эргэнэ иэччэх-
тэрин эчэппиккин улахаҥҥа уурума, сүөл дойдуга сөптөөҕүҥ
түбэстэҕим буолуо, хол дойдуттан холооннооҕуҥ холбостоҕум
буолуо! Иирэ талах курдук эрийсиэхпит, буулаҕа мас курдук
мускуйсуохпут! — дэттэрэн баран, Уулаах эмиэ Настаа диэки
көрүтэлээн кэбистэ.

    Оҕонньоттор ырыаларын туһунан сыана буолбутугар, дьон
хайдыстылар: сорохтор Уулааҕы ордордулар, сорохтор Мэхээ-
лискэни ордордулар. Дьиэ дьон бары ньиргиһэ, күлсэ түстүлэр.
Мөккүөр быһаарыллыан иннинэ куоластааһын барда. Уулаахха
сэттэ киһи, Мэхээлискэҕэ алта киһи куоластаата.

    — Мин бэйэм олоҥхобор ылласпытым буоллар, ама Уулаах-
ха кыайтарар этиэм, — диэн Мэхээлискэ күлсүүнү хат күөдьүтэн
кэбистэ.

    Ол курдук көр-нар, күлсүү өрө ньиргийэ олордоҕуна, таһыт-
тан хас да киһи эбии киирдэ.

    — Чэ, доҕоттор! Бу оонньуу уурайдын. Кэлиэххэ айылаах
дьон бары кэллилэр. Онон мунньаҕы аһыахха сөп буолла, —
диэн ньиргиэр күлүүнү Сэмэнчик тохтотто. Бары сааһылаһан
олордулар. Мунньаҕы улуус Ситэриилээх Комитетын уполно-
моченнайа Сэмэнчик аста. Кырдьык, Уулаах уорбалыырын кур-
дук, Совет председателэ Тугуттай хас эмэ ыҥырыы баарын
үрдүнэн кэлбэтэх.

    Мунньах председателэ, суруксута талыллыбыттарын кэннэ,
колхоз тэриллиитин туһунан дакылааттыырга Сэмэнчиккэ тыл
барда. Дакылаат Уулаах быһаарыытынаааҕар атын буолла. Ки-
ни хара бастааҥҥыттан ыла саас-үйэ тухары сабардаабыт ыар
батталы, хаһаайыстыбаны уларытан тутуунан туоратар суолла-
ры ыйан барда, киһи киһини көлөһүннээн сиирин колхоһунан
эрэ суох гына эһэри бэрт киэҥник өйдөттө.

    Урукку мунньахтарга кинилэр, кэпсэтиини кэрэхсээбэккэ,
сорохторо тымтыгы кыһа, сорохторо утуктуу олорор буолал-
лара. Билигин оннук сэҥээриитэ суох быһыы олох уурайда.
Уулаах судургу өлбүт киһи кэриэһинэн уонна атаҕын үлүппү-
түнэн суҥхара сылдьыбытыттан бэйэтэ бэйэтиттэн кэлэнэ са-
наата уонна кыбыһынна даҕаны. Дакылаатчыт баайдар колхоһу
тоҕо абааһы көрөллөрүн туһунан тохтууругар таарыччы быйыл

 202
   197   198   199   200   201   202   203   204   205   206   207