Page 197 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 197

санаата уонна өр дьыллар усталарыгар көхсүгэр ыар баттык
гыммыт абатын кулубаҕа этэргэ сорунна.

    — Эн Бакыр нэһилиэк дьонун барытын кыртаран кэбиспэ-
тэххинэн үҥсэргиигин дуо? Бу Бакыр нэһилиэгиттэн өлүүгүн-
чааскын ылбыт киһи буолуоҥ. Бу Бакыр нэһилиэктэн уон икки
бастыҥ киһини өлөртөрбүтүҥ. Ол өлөртөрөн даҕаны, нэһилиэк
иһигэр миигин ким да утары көрбөт диэн, махтана сырыт-
таҕыҥ. Киһи суох буолан, билигин эн кутуруктарыҥ бас-көс
буола сырыттахтара. Тугуттай Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ буолбу-
та эйиэхэ куһаҕан дуо? Ньамахтай бастыҥ «актыып» буолта
эйиэхэ куһаҕан дуо?

    — Уйбаан! Аньыыны этээхтиигин ээ. Үтүөлээхпэр мөкүнэн
боруостаатаҕыҥ.

    Уулаах тойону утары күүстээх-уохтаах тылларынан аан бас-
таан саҥарыытыгар кини тыла-өһө ордук тахсыыламмытыттан
уонна онно Доодороп тойон кыайан хардарбатаҕыттан эрим-
сийэ санаата.

    — Сэрии дьыл Ачаараптар Тураҥнаахтааҕы дьиэлэригэр,
Настаа хотуну Саһааннаахха уонна Ньамахтайга күнүүлүү-кү-
нүүлүү, кыра дьону хайдах албынныыр туһунан эппит тылгын
умнан кэбистиҥ дуо? Онно мин саҥаспын Өлөөнө эмээхсини
тутан өлөртөрөргө эппиккин умнан кэбистиҥ дуо?

    «Бэйи эрэ, ити ханна этилиннэ этэ», — диэх курдук кулуба,
дьиэ үрдүн диэки ньолох гынан, өйдүү сатыы олордо.

    — Өлөртөрбөтөх үтүөбүн төлөө диэбит буола-буолаҕын...
Сааскар эн иэһиҥ айдаана бараммат. Бэйи тохтоо, ол аайы
куттууруҥ холоон буолуо. Кыра дьону ытаппыккын өссө билэн
иһиэҥ. Эн дьолгор биһиги баччааҥҥа диэри сырдыы иликпит.
Мантан инньэ, ону-маны ыйдаҥардар буоллахпытына, өссө аах-
сан иһиэхпит.

    — Хайа Уулаах, олус дьыбарга тыыныма. Хаһан эрэ мин
эмиэ наадалаах буолаайабын.

    — Дьэ, бандьыыттарым эргийдэхтэринэ диэтэргин — мии-
гин өлөртөрөөр!

    — Кэбис доҕоор, сатаан кэпсэтиэ суохпут, — диэн баран,
кулуба, үтүлүктээх бэргэһэтин үрдүгэр түһээт, таһырдьа диэки
көөһөлүйдэ.

    Уулаах, аҥаар атаҕынан кылыйан, уот иннигэр кэлэн, өлүөр
атаҕар кыараҕас ынах тириитэ этэрбэһи, ыалдьар атаҕар сыл-
гы тыһа этэрбэһи кэтитэлии оҕуста.

    — Сүөкүлэ! Чэ-чэ, ынаххын ыан, тахса оҕус, бу чэйи кут! —

                                                                                                                                     197
   192   193   194   195   196   197   198   199   200   201   202