Page 196 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 196

Доодороп кулуба буоллаҕына, колхоз «куһаҕанын» туһунан бэрт
элбэхтик агитация оҥороро. Онон Өргөннөөххө кинилэр иккиэ
буолан өрө турбуттара: Доодороп сабыдыала онуоха-маныаха
диэри кыайбыта. Уулаах, колхоһу тэрийээри ыаллары кэрийэ
сылдьан, бэйэтин быраатыгар Лоҕуй Лэгиэнтэйгэ тиийэр киэ-
һэтигэр атаҕын үлүтэн кэбиспитэ. Кини, Лоҕуйу тугунан да
тылыгар киллэрэр ньымата суох буолан, атаҕын үлүппүтүнэн
суҥхаран туран, колхозка киирэргэ ыҥыра сатаабыта да, ак-
кааһы ылбыта. Онтон ыксаан: «Лоҕуйа сытыйбыт, биһиги кол-
хоһу тэрийэр иһин өлбүттүүн-тыыннаахтыын бу айылаах буо-
лан эрэрбитигэр эн кыһаныаҥ дуо?» — диэн үөхсэн арахпыта.
Кини билигин даҕаны колхоһу тэрийии тохтубут биричиинэ-
тин уонна ити тэрийиилэрэ туох итэҕэстээх буолан дьон өйү-
гэр-санаатыгар киирбэтэҕин билбэт этэ.

    — Оо, абам, абам да эбит ээ!.. Күөх сирэй дойдутугар үк-
тэммэт буолан хааллаҕа, — диэн ханна эрэ ыраах сылдьар ки-
һини Сэмэнчиги үөхтэ.

    Онтон кини, туран, быһыта үлүйэн, этэ ууллан тохтубут ата-
ҕын кэлгиэтин сааһымныы олордо. Бытаан соҕустук аан аһы-
лынна, аргыый аҕай киһи тыаһа сырдырҕаан киирдэ. Уулаах
буоллаҕына, уолум киирдэҕэ буолуо диэн, кинини кыҥастас-
пакка олордоҕуна, дорҕоонноох куолас: «Уулаах, дорообо!» —
диэбитигэр, соһуйан ходьох гынна. Намыһах кирээккэ маска
тиийэ Доодороп кулуба өрө тыыллан турарын көрдө уонна тугу
да саҥарбакка эрэ, дьэбидийэн кэбистэ.

    — Уулаах, тугу иһиттиҥ?
    Уулаах буоллаҕына аат харатын эрэ хоруйдуур, иннэ-кэннэ
суох имик-симик соҕус кэпсэтиилэр баран истилэр.
    — Нохоо, Уулаах! Мин эйигин икки төгүл саа уоһугар тур-
даххына быыһаабытым. Сэрии айдааннарын саҕана, мин баар
буоламмын, бу Бакыр нэһилиэк үрүк-түрүк хаалбыта. Ону нэ-
һилиэгим дьоно барахсаттар билэллэр. Ону ити улуус үлэ-
һиттэрэ, дэлби кыыллаан-саһыллаан, кулаак оҥорон сордооту-
лар, түһүүнэн-тардыынан баайбын бараатылар, бэйэбин икки
сылы быһа хаайыыга уктараннар, тыыннаах эрэ ортум. Би-
лигин куоласпын ыллым. Истэн олороҕун дуу, суох дуу, быраа-
тыҥ Сэмэнчик уол кэлбит. Бүгүн колхоз тэрийэр туһунан Бөтүҥ
ыалыгар мунньахтыыллар үһү. Онон бырааккар тылгын тиэрт,
колхозка киллэртэр... Билигин да хайдах тутан-хабан иһэллэрэ
биллибэт, онон абыраа, иэһи боруостаа, — диэн Доодороп ку-
луба, сир диэки дьөлө көрөн, албыннык ааттаһа сатыы олордо.
    Колхоз тэрийэр мунньах буолар сураҕыттан Уулаах үөрэ

 196
   191   192   193   194   195   196   197   198   199   200   201