Page 206 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 206
сон өлөр ыарыы буолбут хараҕын ыарыыта, итинник наһаа дьу-
луһууттан бэргээн тохтоторо. Оччоҕуна төбөтүн хам туттубутунан
туран оронугар баран сытара… Дьэ кини итинник дьүккүөрдээх-
тик, өрүскэлэспит курдук үлэлиирэ. Ол эрээри ити күннээҕи үлэ
кэлин хас да күннэргэ охсоро…»
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
1. Кыра Хабырыыс кырдьыга.
2. Саха литературатыгар саҥа киһи уобараһа. Урут аахпыт
айымньыларгытыгар сыһыаран, саҥа дьон көстүүлэрин, өй-
дөрүн-санааларын тэҥнээн ырытыҥ.
3. Суруйааччы олоҕо уонна «Кэриэс туолуута» сэһэн.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
Суруйааччы, ордук уус-уран ымпыктааһыны-чымпыктааһыны,
мэтириэти тылынан биэриини, уустук тэҥнэбиллэри, этиилэри
сатаан оҥоруу ньымаларын саҥа таһымҥа таһааран, ааҕааччыла-
рыгар күндү бэлэх оҥорбута.
Өйдөө, болҕой
Роман — киһи, норуот олоҕун, тустаах устуоруйа кэми, эпоха бэ-
лиэ өрүттэрин дириҥник түмэн, арыйан көрдөрөр бөдөҥ эпическэй
айымньы. Бу жанры саха литературатыгар аан бастаан Эрилик Эрис-
тиин киллэрбитэ — «Маарыкчаан ыччаттара» роман 1942 сыллаахха
бэчээттэммитэ.
ЛИТЕРАТУРАЛАР АЛТЫҺЫЫЛАРА
Чинчийээччилэр Эрилик Эристиини нуучча суруйааччытын
Николай Островскайы эбэтэр кини дьоруойун Павел Корчагины
кытта тэҥнииллэр. Суруйааччылар олохторун тэҥнээн ырытыҥ.
Эрилик Эристиин, саха литературатыгар «Революция уолат-
тара», «Аймалҕан» курдук атын бырааттыы омуктар олохторун
көрдөрөр бастакы сэһэннэр ааптардарын быһыытынан, биһирэби-
ли ылбыта. 1934 сыллаахха кэргэнинээн айар командировкаҕа
Чимкент куоракка 9 ый, Алма Атаҕа 1 ый олорбуттара. Казах-
206