Page 203 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 203
кыһын Өргөннөөх ыалын кэрийэ сылдьан Доодороп кулуба
кэпсээбит дьиикэй-быдьар сэһэнин курдук сэһэннэр атын да
нэһилиэктэргэ, улуустарга баалларын иһитиннэрдэ. Баайдар,
итинэн эрэ бүппэккэ, сорох сирдэргэ колхоз бурдугун, отун
уоттуурга тиийэ турбуттарын дакылаатчыт кэпсээтэ. Дакылаат
бүппүтүн кэннэ ыйытыыга тыл көҥүллэммитигэр, бука бары
бэрт активнайдык туох мунаарбыттарын барытын ыйытан бар-
быттарыгар, Уулаах дьон санаата чугаһаабытыттан үөрэ санаа-
та. Оннооҕор Лоҕуй Лэгиэнтэй сааһыгар бобо ытырбыт сы-
ҥааҕын аһан, биэс боппуруоһу ыйыппыта аҥаардас Уулаахха
эрэ буолбакка, дьоҥҥо барытыгар бэркиһэннэ. Боппуруоһу тө-
һө дуоһуйуохтарыгар диэри ыйыппыттарын кэннэ кэпсэтиигэ
киирдилэр.
Бастакы тылы Хопто уола Мэхээлискэ ылла. Кини, икки
илиитин куругар кыбыталаан кэбиһэн баран, сорох ардыгар
өһүө баһын диэки ньолох гына көрөн ыла-ыла, сорох ардыгар
сүүһүн мыччыччы туттан, хааһын сабыһыннаран түһэрэ-түһэрэ,
былыргы бэйэтин эрэйдээх олоҕун сэһэргээн истэ. Ол сэһэн
иһигэр кини биэс кыһыл саһылы өлөрдөҕүн уонна биирдиитит-
тэн угаайы буолар түөрт сүүс бугулу оттоотоҕун сыл баара эрэ
биэс сүөһүлээҕиттэн икки бастыҥ ынаҕа сутаан өлбүттэрин,
аҕата хоргуйан өлбүтүн кэпсээтэ.
— Доҕоттоор, бачча айылаах көлөһүн ханна барбыта буо-
луой? — диэн баран, Мэхээлискэ кыырыктыйан эрэр хааста-
рын аннынан Настаа хотун диэки көрүтэлээн кэбистэ уонна,
көхсүн этитэн баран, хат этэн барда. — Ити олорор хотун эрэ,
Хаппытыан Ачаарап, бэдэрээтин суолугар супту уулаан ылбы-
та, — диэтэ. Кини сааһын тухары олоҕун көннөрөөрү сыратын
быһан баран, олоҕо көммөтөҕүн кэпсээтэ. Онтон эргитэн, урут
тэриллибит колхозтар колхозтаахтара кыһалҕалаах аас-туор
олохтон тахсан эрэллэрин этэн туран, дьону барытын колхозка
киирэргэ ыҥырда уонна: «Мин колхозка үөрүүнү кытта кии-
рэбин. Онон миигин суруйуҥ!» — диэн этиитин түмүктээтэ.
Онтон Уулаах, тыл ылан, тайаҕар чиэстэнэн туран кэбистэ.
Кини, аан бастаан дьон иннигэр туран тыл этэр буолан, бас-
таан бэркэ килбигийдэ. Онтон этэн истэҕин аайы кэҥээн бар-
да. Дьаҕа баһынааҕы олох муҥун кэпсээтэ. Кини түөрт уон
сааһын туолуор диэри тохтубут көлөһүнэ олоҕун көннөрбөтөҕүн
сэһэргээтэ. Били бандьыыттар сууттааһыннарыгар турары-
нааҕытын курдук, сотору-сотору сонун икки эҥээрин тэбээтэ,
эргийэн-эргийэн, колхоһу дьон үчүгэй дииллэрин эттэ. Онон
203