Page 204 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 204
бэйэтэ колхозка киирэрин, кини биир мас суханы кытта куна-
ны холбуурун эттэ.
Хас да киһи колхозка киирэр туһунан тыл эппиттэрин кэннэ
Лоҕуй Лэгиэнтэй: «Миигин колхозка киирэргэ суруйуҥ!» — диэ-
тэ. Дьон сурутан истилэр. Оннооҕор аанньа ахтыбат киһилэрэ,
Ааныска, оһох кэннинээҕи оронтон ойон туран:
— Чэ, миигин суруйуҥ. Боппууда ыһыллан сытар оруостаах-
пын, ону холбуубун, хаһан даҕаны, киирэн баран, тоҥ буорут-
тан буоллаҕа дии, — диэтэ уонна, түргэнник олоро охсоору,
орон баһын уһугар бүк быраҕыллыбыт быыс үрдүгэр олорон,
быыс быатын быһа түһэн кэбистэ.
Барыта уон сэттэ киһи суруллубутун кэннэ, тыа хаһаайыс-
тыбаннай артыалын устаабын ааҕан, биирдии пуунун дьүүл-
лэһэн, тэбэрдии гыннылар. Кинилэр артыалларын Хабырыыс
аатынан ааттаатылар. Кыра Хабырыыс тэрийбит колхоһун бан-
дьыыттар үрэйбиттэрэ уонна кини чилиэннэрин барытын өлөр-
төөн кэбиспиттэрэ. Онтон баара эрэ икки киһи орпута бу кол-
хозка киирдилэр.
— Миигин колхозка ылыҥ, — диэн Настаа Ачаараба көрдөһүү
киллэрдэ.
— Мин икки уолум бандьыыт буолтарын иһин, бэйэм саа
туппатаҕым. Онон миигин колхозка киллэриҥ, — Саһааннаах
тыл киллэрдэ.
Бу туһунан кэпсэтии буолбутугар, Уулаах туран тыл эттэ.
Кинилэр бандьыыкка активнай кыттыыны ылан сылдьыбытта-
рын барытын кэпсээн баран, улуус Ситэриилээх Комитетыттан
Настааны кулаак оҥорорго көрдөһүү киллэрэр, Саһааннааҕы
колхозка ылбат туһунан эппитин мунньах сөбүлээн ылынна.
Бырабылыанньа састаабыгар Уулаах чилиэнинэн талылын-
на. Уулаахха маннык үрдүк итэҕэл, үрдүк чиэс аан бастаан
туһаайда. Инвентарнай испииһэккэ бэрт аҕыйах мас сухалар
уонна мас тараахтар сурулуннулар.
Дьэ, бу курдук колхоз тэриллэн, өлбүт кэриэһэ туолбутуттан
сүҥкэн улаханнык үөрэн, Хабырыыс аатынан тыа хаһаайысты-
батын бырабылыанньатын чилиэнэ Уулаах Уйбаан, колхозка
холбообут кунаныгар олорон, дьиэлээтэ.
Тылбытын байытабыт
Сугулаан — нэһилиэк мунньахтыыр дьиэтэ.
204