Page 209 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 209
та, долгуна суох чуумпу уу устун тыы устан барда. Бурхалей
утатан ыксаан, иннигэр тыы иһигэр сытар ылтаһын куруусканы
ылан, уу баһан иһэн куллурҕатта. Бу мантан өй ылбыт киһи
быһыытынан, Турахин, аттыгар олордуллубут куулу сүөрэн, ку-
мааҕы суулаах эмис буспут эти ылла уонна хара бытыылка-
лаах арыгыны таһаарда. Бастаан арыгытын ылан сахсыйан,
күн уотугар ыйдаҥардан көрөн баран, кирээстээх ылтаһын ку-
руусканы толору кутан иһэн кэбистэ, ол кэннэ, аһыырҕаппыт
быһыынан, сирэйин эҥин араастаан ньамаччы туттан баран,
элийэн ыла-ыла этин сиэн барда. Бурхалей, куолутунан, эрдэн
иһэр. Кинилэр үрдүк хара сыыры аннынан кэрийэ устан ис-
тилэр. Тойон, олус ыгылытара арыый тохтоон, аһыы-сии олор-
до. Онтон хаста да арыгытыттан куттан иһэн баран, сирэйэ
кытаран, хараҕын ээл-дээл көрөн, итирбит быһыыта билиннэ.
— Нохоо! Тыла суох Сотто эмээхсин уола сордоох! — диэн
баран, туох да өйө суоҕунан күлэн күһүгүрээтэ. — Эн арыгы
иһиэҥ дуо?
Бурхалей, иһиэн баҕарбат да эрээри, тойон тылын кэспит
аатырымаары:
— Биэрдэххинэ кыратык иһиэм этэ, — диэтэ. Онуоха тойон
кыайан испэтэх арыгытын тобоҕо курууска түгэҕигэр хаалбы-
тын ылан биэрдэ уонна кэннин хайыһан көрдө. Бурхалей ары-
гыны кистии-саба тыы иһигэр кутан кэбиһэн баран, кураанах
чааскытын төннөрдө.
— Чэ, бу үчүгэй... Эдэр киһи арыгыны иһэр, хаартыны оон-
ньуур буолара үчүгэй. Оттон тугу да сатаабат, түҥ хааһах киһи
ханна даҕаны ыт курдук көрүллээччи, — диэн, тойон итирик
булдьуйбут куолаһынан, дьэ үөһэ тэстэн, кэпсээн барда.
— Ити Харасаайга дассан маастара уонна болуотунньуктар
хайдах быһыылаахтык ат сарайыгар баттатан өлбүттэрий? —
Бурхалей, тойон итиригинэн туһанан, кистэлэҥ боппуруоһу
ыйытар.
— Харасаай сомуонун кинээһэ Мугучай Баянов туттарар дас-
санын маастарын Тас Монголияттан ыҥыртаран ылбыта. Ол
иһин икки болуотунньугу кытта ат сарайыгар тэлиэгэ үрдүгэр
утуйа сыттахтарына, ардах ыаҕастаах уунан куппут, ону уйумуна
эргэ сарай сууллан түспүт. Онон өлбүттэр... Ээ, чэ өллүн, хас
монгол өллөҕүн аайы дьыала кыра. Оттон кинини кытта өлбүт
икки киһи даҕаны бэрт аһыыта суох дьадаҥы дьон...
Бурхалей бэйэтэ таптыыр Марисатын убайа, Чита куорат
4 кылаастаах оскуолатын үөрэнэн бүтэрбит, хас да төгүл по-
лиция хаайыытыгар олоро сылдьыбыт киһи — Эрбантей Бур-
209