Page 210 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 210

халейга: «Ким бэйэтин сыратынан бурдугу үүннэрэр, сүөһүнү
иитэр, сиртэн дохуот таһаарар киһи куруук хоргуйа сылдьар,
ким тугу да үлэлээбэт айах адаҕалара куруук астара-баайдара
элбии турар», — диэн кэпсээбитэ. Бу тыл кырдьыгын дакаас-
тыан иннигэр, дьиэни бэйэлэрэ илиилэринэн оҥорор дьон,
дьиэтэ суох буолан, эргэ сарай анныгар дурдалана сылдьан
баттатан өлөллөрө Бурхалейга бэрт чуолкайдык өйдөннө буо-
лан баран, кини тугу да саҥарбата.

    — Эдэр дьоҥҥо бэрт эрэйдээх-кыһалҕалаах күннэр-дьыл-
лар үөскээн эрэллэр, — диэн Турахин кэпсээн барда. — Биэс
хонуктаах күн Иркутскай генерал-губернаторыттан биһиги ай-
макпыт управлениетыгар телеграмма кэллэ. Бу телеграмма
быһыытынан 21 сааһыттан 29 сааһыгар диэри саастаах бу-
ряттар сэрии тас үлэтигэр тутуллар буолбуттар. Ол приказ
туолуута баара эрэ аҕыс хонук хаалла.

    — Тыый!.. Дьэ, алдьархай буолбут дии?!
    — Онуоха мин аймачнай управление аатыттан генерал-губер-
наторга көрдөһүү телеграмма ыыттым. Ол телеграммабар: «Бу
бурят норуота — Баргузин кыһыл көмүһүн бириискэтин аһынан
салҕааччылар. Онон кинилэр сэрии үлэтигэр тутуллар буоллах-
тарына, Баргузин бириискэтэ сабылларыгар тиийэр», — диэн
туран сэрии үлэтиттэн бурят норуотун босхолоторго көрдөстүм.
Ити көрдөһүү бэрт сиргэ-буорга хаалыа суоҕа, — Турахин тыла
булдьуйдар даҕаны, аргыһыгар элбэҕи кэпсээн барда.
    — Сааһа түбэспит киһи барыта барар дуо?
    — Ээ! Акаары... Хайдах барыта барыай?! Хайа эдэр тойот-
тор, эдэр лаамалар бааллар. Олор бардахтарына, хайдах са-
таныай? Холобур ылан эттэххэ, Атен кинээс бардаҕына, бүтүн
Бахтай сомуонун баһа быстар буолбат дуо? Оттон Бохан дас-
санын лаамата Соттонгол бардаҕына, дассан адьас сабыллар
буолбат дуо? Арай, айыыны быһа эттэххэ, мин оҕом Аргунтай
бардаҕына, Баргузин бириискэтин эн тыла суох ийэҥ Сотто
аһынан салгыа этэ дуо? Онон, биллэн турар, кинээстэр, то-
йоттор, лаамалар, атыыһыттар барбаттар; ону таһынан ыары-
һахтар, сыстыганнаах ыарыылаахтар, өйдөрүнэн акаарылар эмиэ
барбаттар.
    — Чэ, буоллаҕа... Оччоҕо арай биһиги, кыра дьон, эһиги,
кыахтаах дьон, көрдөһүүгүт тиийдэҕинэ, абыраныа эбиппит.
    Мантан Турахин бэйэтэ генерал-губернаторга оҥорбут көр-
дөһүүтэ суолталаах буолуон туһунан кэпсээн барда. Ол курдук
кини төрүттэрин саҕаттан бэйэтин үйэтигэр тиийэ норуокка
«улахан үтүөнү» оҥорбуттарын кэпсээтэ. Сахиял Турахин, кини

 210
   205   206   207   208   209   210   211   212   213   214   215