Page 207 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 207
стаҥҥа сырыы түмүгэр ити ааттаммыт сэһэннэр күн сирин көр-
бүттэрэ. Уруулуу омуктар ыар дьылҕаларын туһунан, саҥа олоҕу
уһансар утарсыылаах кэмнэри итэҕэтиилээхтик, ылыннарыы-
лаахтык суруйбута.
Ааҕыы, сэһэргэһии
Аймалҕан
I глава
Харасаай улууһун эдэр бурята Бурхалей кэтит салбахтар-
даах эрдиитинэн эрчимнээхтик күөх ууну көҥүтэ охсуталаан
кэбиспитэ, күөс айаҕын саҕа чөҥөрүйэн баран, мэктиэтигэр
эргийэ-эргийэ, эрилийэн-бурулуйан, тыы кэннин диэки кэк-
кэлэһэ хаалан истилэр. Тыы хаба ортотугар биттэхтии саа-
йыллыбыт хаптаһын үрдүгэр, Бурхалейга уун-утары, аҕыйах
хонуктааҕыта Харасаайга тахсыбыт оһол туһунан силиэстийэ
оҥорбут, Хоро аймачнай управлениетын председателэ Бадаҥ
Турахин олорон иһэр. Бадаҥ Турахин, үрүллүбүт хабах саҕа,
буоспаттан чымырыыттаммыт сирэйин күрдьүөттээбит курдук
туттан, сүүһүн аннынан Бурхалей диэки көрүтэлээн кэбиһэн
баран, кырдьарыттан бакыйан-такыйан түспүт туругун көннө-
рүнэн, унтер-офицер курдук тутта сатыыр. Бурхалей эрдэрин
мыынан бу курдук суоһура көрүтэлиирэ биллэр этэ. Сорох ар-
дыгар, Бурхалейга ордук суостаах буоллун диэн, сукуна тэри-
лигин таһынан курдаммыт кэтит солко курун бытырыыстарын,
эһитэ тыытан ылан, чиҥ-чиҥник кыбыталаан кэбиһэн баран,
табах буруотуттан саһара түспүт маҥан бытыгын туора сыый-
талаан кэбиһэ-кэбиһэ, төбөтүн, утахтыы имэрийтэлээн, хатан
биэрэр. Бурхалей буоллаҕына, тойон уордайбытын билэн, эр-
диитин түһэрэн баран өрө охсон таһаарыытыгар таарыччы
сирэйигэр ньалҕарыйбыт көлөһүнүн мүлгүнүнэн дьукку сотон
аһартыы-аһартыы, тардыалыырын өссө эбэн биэрдэ.
Киэҥ Байкал килэрийэр кэтит үөһүттэн кирилиэс курдук
кэккэлэспит сэндэҥэ долгуннар сэлэлээн, Улан Ходо хайатын
аннын диэки сырсан ааһа туралларын тоҕо анньан, тыы ин-
нин диэки баран истэ. Ханна да кыырпах былыт сыстыбатах
ыраас халлаан оройуттан сардаҥалаах сайыҥҥы күн көбүөхтүү
сытар күөл күөнүгэр бэлэхтэммэтэх медаль буолан анньыллы-
207