Page 188 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 188
гиллэн көрдө. — Дьэ, кинилэр кымньыыларын анныттан өлүөн
кэриэтин, билигин өллүн.
— Дьэ, алдьархайдаах дьон буолар эбиттэр, көр онноо-
ҕор киһи өлөн эрэригэр букатын кыһаллыбаттар дии, — диэн,
Уулаах, чомпойдоох кэтэҕэ хамсаамахтаан, абатыгар атын кым-
ньыылаата. — Ама барыбытын өлөртүөхтэрэ дуо? Тыыннаах
тиийдэр, баҕар, быыһаныа этэ. Хайа, тойотторо ыпсыылаах-
дьайҕалаах дьон ини...
— Кэнэҥҥин, акаарыгын даа! Бу алдьархайы үөскэппит
баайдар ыпсыылаах дьон буолуохтара дуо?
Кыра Хабырыыс ити тылыгар Уулаах тугу да хардарбата,
онон саҥата-иҥэтэ суох баран истилэр. Үрэх тумулугар соҕо-
тох буруо, тыалга бүк охсуллан, араастаан өҕүллэҥнии көһүн-
нэ. Ону көрөн, Уулаах, өлөн эрэр дьону киллэрэн итиэриэхтэрэ
диэн, үөрэ санаата. Мөлтөөбүт аттар кутуруктара сахсыллан,
хоҥхочохторо хобуохтаан, аргыый аҕай айаннаан истилэр.
Бастакы аттаахтары кытта хотуттар сыарҕалара, тараҕай киһи
сүүһүн курдук, сыгынньах тумул сирэйин өрө тахсан бардылар.
Ыал дьиэтин таһыгар тиийэн кэлээт, туох-ханнык иннинэ бэ-
йэлэрэ биэбэйдииллэригэр ылыммыт хотуттарын сыарҕаттан
өйөөн түһэрэн, кырыаларын тэбээн биэрдилэр. Ходоҕой курдук
мааныламмыт, кийиит курдук киэргэммит хотуттар, бэдэрдээх
бэгэччэктэрэ биэрэҥнээн, саһыл истээх сонноро сиринэн сы-
һыллан, аһыллыбыт аанынан дьиэҕэ киирэн бардылар. Хам-
саабат буола көһүйэ тоҥмут Лэгиэнтэй Мосуоркуну, арыый
үрүк-түрүк хаайыылаахтар өйөөн, сорох хаайыылаахтары саа-
лаах дьон үүрэн, дьиэҕэ киллэрдилэр. Эркинигэр иккилии эрэ
түннүктээх кыараҕас балаҕан иһэ дьонунан туола түстэ.
— Хаайыылаахтарынан дьиэни күөнтэтимэҥ! Хотоҥҥо отто
тэлгэтэн баран, онно киллэртээҥ, — диэн, били тойонноро
буолуохсут Сатаайка Сахааччата дьаһал биэрдэ.
Хаайыылаахтары хотоҥҥо киллэрдилэр. Ситэ күрдьүллүбэ-
тэх муоста үрдүгэр ходуулу тэлгэтэн биэрдилэр уонна хотон
айаҕар тас өттүттэн харабыл туруордулар. Үлүйэн ыксаабыт
хаайыылаахтар, уот сылааһын көрбөккө, куһаҕан сытынан дьө-
лө аҥылыйбыт хотон иһигэр кырыы-кырыыларынан ыгыта ан-
ньыһан сыттылар. Дьиэ иһигэр туох да хомооно суох этэ-этэ
күлсүү, ыпсыыта суох ньамааран кэпсэтии, сэлээрии, ситиэн
иннигэр мээлэ айааран ыллаһыы, эт эттиир тыас — бу барыта
мунньустан, баайдар алдьархайдаах оҕуруктарыгар бэйэлэрин
атыыламмыт уонна баайдар иннилэригэр тугу барытын оҥо-
рорго бэлэм дьон дьиикэй быһыыларын арылыччы көрдөрдө.
188