Page 184 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 184
ким эрэ кэлэн, сүөрэн, көнтөһүн баайаары гынан эрдэҕинэ,
Саһааннаах уола Сымалла Бүөтүр кэлэн ат муоһатыгар түһүстэ.
— Аҕал бу аты! Мин бэйэм штабтан ылбыт атым уонна бэ-
йэм көлүйбүтүм, — диэн Сымалла уруккуттан ыла эйэ-нэм
уурайбыт киһитин курдук уонна Сахааччаны начальник соло-
тунан үрдэппэт быһыынан өркөйөн саҥарда.
— Эн ыҥыыр атта ыл уонна разведкаҕа бар, — диэн началь-
ник тойон Сымалланы сымнаҕас соҕустук соруйда.
— Кыпчыйа сытыйаҥҥын, хара түөкүн... Киһи көлүммүт атын
күүскүнэн ылаары гынаҕын дуо?
Начальник, итинник атаҕастабыллаахтык бүтүн баар дьон
бары истиилэригэр уонна өссө ордук саҥа билсэн эрэр хо-
тунун ортотугар үөҕүллэн, атаҕынан сиргэ үктэнэн турарын
дьаабытын билбэт гына кыыһырда, ол кэннэ, Сымалла кини
дьаһалыгар бас бэринээччи эрэ буоларын дакаастыы таарыйа,
күүркэйэн-модьуйан туран, үрүт-үрдүгэр бирикээс биэртэлээн
барда. Онуоха утары Сымалла буоллаҕына, кинини харса суох
ыыс-дьаар тылынан дэлби үөҕэн барда. Кинилэр, туох-баар
күүстэринэн ат муоһатын былдьаһан тиликтэһэ-тиликтэһэ, бэ-
йэлэрин куһаҕан төрүттэринэн уонна тугу уорбуттарынан-та-
лаабыттарынан иитэ-саҕата суох илдьи үөҕүстүлэр.
— Эн Мааҕылаахха кыһылларга сасаада оҥорбуппутугар
куттанан, хаары дьөлө хастан, саһан сыппытыҥ буолбат дуо?
Ол кэннэ, улаханы бүтэрбит саҕа буолан, бу билбэт дьоҥҥо
киһиргиигин. Хайа, дьиҥ сүрэххиттэн биэлэй буолбатыҥ ини.
Хайа, тыһаҕаһы уоран сиэн, ол иһин ревкомнар хаайыыла-
рыгар сытан, күрээн биһиэхэ кэлэн холбостуҥ этэ буолбат
дуо?! — диэн баран, Сымалла, начальнигы охсоору, сутуругун
өттүгэр сууралаата.
— Ити ороспуонньуктар, син хаһан эрэ киһи этибит диэн,
киһилэрэ өттөҕө буолан, бэйэлэрин дьиикэй оҥоһууларынан
үөхсэллэр ээ, — диэн алта хаайыылаах ортотугар илиитэ кэ-
дэрги кэлгиллэн турар Кыра Хабырыыс ынчыгын быыһыгар
биирдии ааҕан саҥарбытын, айдаан ортотугар буоланнар, хаа-
йыылаахтартан ураты, ким да өйдөөн истибэккэ хаалла.
Уулаах, бу тылы иһитиннэримээри, сымыйанан сөтөллүбүтэ
буола сатаата уонна Хабырыыс диэки кынчарыйан кэбистэ.
Этиһии өссө кэҥээн таҕыста. Үөхсэр ыыс-бурут тыллары
ой дуораана, тыа түгэҕин диэки охсон, илдьэ бара турда. Ой
дуораана: «Хара түөкүнү, штабка үҥэн, тириигин сүллэриэм!»
— диэн сотору-сотору ордоотоото. Этиһиигэ дьахталлар күү-
һүлэммиттэрэ, элбэх ытыллыбыт большевиктар таҥастара сыы-
184