Page 182 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 182

ри, кырыаны бүтэримэ. Хайа, бу киһи сотору-сотору наады-
йыа! — диэн, Уулаах, кыайар киһитигэр тойомсуйан, балай эмэ
обургутук саҥарда.

    Хабырыыс, арыый көхсө кэҥээн, хаҥас дьиэҕэ тахсан, олоҥ-
хонон саатыы олоробун диэн, саала иһигэр ыскаап кэнни-
гэр ууруллубут саатын ылан, ытыалаһар түгэҥҥэ түбэспэк-
кэ, өстөөхтөрүн илиилэригэр атаҕастабыллаахтык түбэспитин
кэмсинэн саҥарбытын, Уулаах хаста да имнэнэ сатаата уонна,
кулгааҕар сипсийэн, буойан барда.

    — Бачча өллө-өлүөххэр диэри туох ааттаах бардам киһи-
гиний? Ытыалаһан буола-буола... Таҥара быыһаатын! Оччоҕо
киһи гыныахтара дуо?

    — Оттон билигин киһи гыныахтара дуо?
    — Кэбис доҕор, баҕар... Таҥара дьоно ааттаахтар дии. Ха-
йа, үҥэр таҥараны санаа инилэр.
    — Таҥара дьоно... Таҥара дьоно тириигин сүлүөхтэрэ. Оч-
чоҕо билиэҥ — таҥара дьоно хайдахтарын.
    Дьиэ иһигэр саалаах дьон тыастара бүтүннүү өрө сүгүллэн
турдулар. Онтон: «Дорооболоруҥ, дорооболоруҥ!» — дэһэн
дьахталлар кыараҕас симик куоластара иһилиннэ. Кинилэри
кытта эр дьон дорооболоһор саҥалара иһилиннэ.
    — Бэйэ эрэ, кургун мин сүөрүүм. Түмүгэ ханнаный? Ээ, бу
сылдьар эбит.
    — Нөдүөһэ, тугу иһиттиҥ?
    — Настаа, кэпсээ эрэ!
    Бу таһыттан киирбит дьахталлары бары, саба түһэн, сыгын-
ньахтаан уонна кэпсэтэн барбыттарыттан, Доодороп кулуба
ойоҕо Нөдүөһэ хотун уонна Хаппытыан Ачаарап ойоҕо Настаа
хотун кэлбиттэрин Уулаах биллэ, ол кэннэ Хабырыыһын имнэ-
нэн кэбистэ.
    — Алдьархайбыт эбит, хотуттар кэллилэр.
    — Кинилэрэ да суох алдьархайга түбэһэн сыттахпыт дии.
Дьэ кэллиннэр. Кэлиминэ, ханна барыахтарай?
    Хотуттары кытта барыны бары кэпсэтии элбээн барда. Аҕы-
йах хонуктааҕыта бандьыыкка күрээри тэринэн эрэр икки Ачаа-
рап кыһылларга тутуллубуттарын туһунан курутуйуулаах кэпсэ-
тии буолан истэ, ол кэннэ Кыра Хабырыыс тутуллубут үөрүүтэ
уонна онно салгыы Сэмэнчик уонна Улахан Хабырыыс кыһылга
куоппуттарын туһунан хомолто буолла.
    — Дьаҕа баһыгар саалаах дьону ыыталаан, Уулааҕы тут-
тарыахха баар! — диэн, Настаа хотун тыл киллэрэн эрдэҕинэ,

 182
   177   178   179   180   181   182   183   184   185   186   187