Page 189 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 189
Уулаах, өр хаайыы устатыгар түптээн аһаабатах буолан, хор-
гуйбута да бэрт уонна тоҥмута да бэрт. Онон кини, баҕар, ким
эмэ бэрсээрэй дии санаан, бурдук тардар даарда аттынан ар-
гыый сыылан, дьиэҕэ тахсан, оһох кэннигэр турда. Онтон өссө
биирдии уллуҥах устатын нэмийэн, оһох хаҥас чанчыгынан
быган, оһоххо сыстан өрүллүбүт күөс үрдүнэн тарбахтарын
ититэ турда. Уот иннигэр кыра ыскамыайкаҕа Бакыр икки хо-
туна кэккэлэһэн аргынньахтыы олорбуттар. Кинилэр долгунну-
рар солко ырбаахыларын таһынан, бииллэринэн, оноолорунан
араас өҥнөнөн көстөр, таастаах хаһыаччыктарын курдук, күндү
сыаналаах таҥаһы Уулаах аан бастаан көрдө. Тиһигин быспак-
ка дьон киириитэ-тахсыыта балаҕан халҕанын тэлэччи аһан кэ-
биспит. Ачаарап ойоҕо Настаа эргиллэн, Уулаах турарын көрө
түспүтүгэр, Уулаах, уораары сабдыҥныы турар киһилии, дьик
гына түстэ уонна, хаһан да биллэн хаалбытын быһыытынан,
найыланан, иттэ сатыы турда.
— Уулаах түөкүн манна тоҕо таҕыста? — Настаа хотун уор-
дайбыт куолаһынан халаатаата.
— Хотунуом! Үлүйбүтүм бэрт. Ол иһин иттээри...
— Эн эмиэ үлүйэҕин дуо?! Быһайын тойотторуҥ үөҕүллэл-
лэригэр күлэн ымаҥныы олорбут сурахтааҕыҥ...
— Сымыйа, хотунуом, күлбэтэҕим... Эн бэйэҥ бэркэ билэ-
ҕин: мин Дьаҕа баһыгар тимирэн олорбут киһи этим... Ити
миигин билбэт дьон туталлара сөп. Онон хотунуом, Настаа,
бука, аһынан-харыһыйан, ыпсыылаан биэрэргэр көрдөһөбүн...
— Хара ыт! — хотун, санныгар түспүт илбиргэстээх кыһыл
көмүс ытарҕата эйэҥэлии-эйэҥэлии, ойон туран, оһоххо өйөн-
нөрүллүбүт уот анньар маһы сулбу тардан ылан, Уулааҕы үл-
тү сабаан барда. Кини омунугар арыттаах титирик долбуу-
ру үлтү кырбаан, ыаҕайалаах сүөгэйи тоҕо охсон түһэрбитэ
Уулаах түнэ сонун сиэҕэр тоҕунна. Уулаах, оһох төрдүнэн хо-
тонун иһигэр киирэн, сонун сиэҕэр баһылла сылдьар сүөгэйи,
бастаан ыраастаныах курдук буолан иһэн, өйдөнөн сото-со-
то салаан истэ. Кини, уруккуттан кэр-дьэбэрин үрдүгэр, өр
аһаамына хоргуйбута да бэрт буолан, туохтан да аҕынньыта
төллөрө ааспыт этэ.
Тойоттор, аһаан-сиэн бүтээт, барар гына оҥостон баран-
нар, хаайыылаахтары үүртэлээн таһаардылар.
Бу сырыыга туох да айдаана суох, аттарын аналын хоту
ылан, хаайыылаахтар олорбут сыарҕаларыгар олорон, айаҥ-
ҥа турдулар. Сынньаммыт уонна аһаабыт аттар тэтимнээхтик
189