Page 148 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 148
туран, олоҕу уларытаары, улуу мөккүөрү мөккүһэн, сорох өл-
бүт, сорох кыайбыт... Ол курдук улуу мөккүөр олохсуйбут,
иитиллибит эбит.
1929 с.
Тылбытын байытабыт
Үрүҥ-xapa сүүрүктэр — сылгы, ынах баай.
Чыҥыс Хаан, Дьылҕа Тойон, Одун Биис — саха итэҕэлинэн, киһи
дьылҕатын быһаарар халлааҥҥа олорор айыылар.
Баттаҕа саалыр буолбут — кытарымтыйар apaҕac буолбут.
Икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх — киһи.
Чолбон сулус — улахан сулус
Хатааһын чолбоно — Марс планета.
Сэттээх-сэмэлээх — иэстэбиллээх.
Дьулахачыйан — куттана санаан.
Үргэл сулус — сулус бөлөҕө.
Чолбон уонна Үргэл алтыһыылара — чугаһаан аасыһыылара.
Чоккуруос — сырдык харахтаах.
Maҥaac — төбөтө маҥан өҥнөөх.
Элэмэс — сылгы өҥө: сорох өттө маҥаннаах, кыталык элэмэс.
Улуутуйар Улуу Суорун — Үөһээ дойду абааһыларын баһылыга.
Түҥүрэттэр — ypyypҕahap эр дьон аймахтар.
Ходоҕойдор — ypyyрҕаhap дьон дьахтар аймахтара.
Соллоҥноохтор — иҥсэлээхтэр.
Өргөстөөҕүнэн саҥардылар — өстүйэн саҥардылар.
Харыс — уста кээмэйэ, ортоку тарбах төбөтүттэн эрбэх төбөтүгэр
диэри.
Добун халлаан — үрдүк халлаан.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Улуу Кудаҥса ханнык xapaҥa айыылары тоҕо оҥордо?
2. Улуу мөккүөр төрүөтүн туһунан ааптар этиитин болҕойон
ааҕыҥ, бэйэҕит санааҕытын этиҥ.
3. Үтүөнү күүс өттүнэн oҥopyoxxa сөп эбит дуо?
4. Улуу Кудаҥса олоҕо тоҕо итинник түмүктэннэ?
5. Суруйааччы Кудаҥса оҥорбут иккис xapaҥa айыыта сэтин-
ньи сэттис күнүгэр саҕаламмыт курдук этэриттэн туох са-
нааҕа кэлиэххэ сөбүй?
6. Устуоруйа уруоктарыгар ылбыт билиигитин түмэн, айым-
148