Page 145 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 145
— диэн бэркэ махтаннылар, үөрэн тимир-дьиэһин сирэйдэрэ
килэс гына түстэ.
Дьэ ол кэнниттэн орто дойду ойууна кэлбит соругун кэпсээ-
тэ, туох туһуттан тоҕус тоҕойдоох маҥан суолу тобулбутун эттэ,
онуоха үс улуу бодоҕот уустара киэр хайыһан, иэдэс биэрэн
дьэбидик хара сирэйдэрэ ньолос гына түстэ уонна: «Киэр, но-
йоон! Киэр-киэр, аньыы-кэйии, инньэ диэмэ, сэттээх-сэмэлээх
буолуоҕа, тылгын көтөҕүмэ... Биһиги диэтэх дьон оҥорбут ил-
бистээх сэппит орто туруу дойдуга тахсар ыйааҕа суох этэ, үс
биис ууһун уһуйарга-үөрэтэргэ эрэ үрдүктэн ыйыллыбыппыт,
улууттан оҥоһуллубуппут, тылгын көтөҕүмэ — буойуулаах, ил-
бистээх сэби биэриэхпит суоҕа, киэр-киэр буол!» — диэн
кыккыраччы илгистэн кэбистилэр.
«Мин даҕаны инньэ диэн көрбүппүн истибэккэ, ытаан-со-
ҥоон туран, ааттаһан-көрдөһөн ыыппыта... Унаар саламаны
тиирдэ, аар баҕаҕы аста, илиитин соттор суос-соҕотох биир эрэ
арыы тыаны үрдүнэн көстөр, тумул хайаны көхсүнэн хаххалыыр
күрүҥ хара дьүһүннээх, сүүһүн ортотугар күн тыкпытын курдук
туналыйа олорор туоһахталаах, алталаах атыыр оҕустааҕын ту-
тунна, хаҥас диэки хараҥа тыатын күн диэки өттүнээҕи, ти-
мир аалыытын курдук, дьэбидийэн көстөр дьүһүннээх улуу ту-
мулун үрдүгэр кэхтибэт укулаат курдук күөх-дьэбир өҥнөөх,
хаппыт укулаат курдук кубархай, тыйыс дьүһүннээх, арбахтаах
мутуктаах аар тиити, эһиги ааккытын ааттаан, саас-үйэ тухары
арыынан-сыанан таҥнары чаллыргыы турар гына улуу кэрэҕи
оҥортордо. Аастаххытына — арыынан-сыанан чалҕалыаххыт,
туордаххытына — этинэн-сыанан эмсэхтэниэххит», — диэн,
Чачыгыр Таас ойуун обургу истэригэр баппатах иҥсэлэрин кө-
бүттэ. Ону истээт, уоллаах кыыс туора салбаннылар, куолайдара
куурбахтыы-куурбахтыы куллурҕаата, сырааннара сынньылый-
да, куртахтара хамнаан тиэрэ эргийбэхтээн тэһитэ анньан
нүөлүйбэхтээтэ уонна ийэлэрин-аҕаларын: «Оҥор да оҥор!»
— диэн энньэҥэлэтэн-кутугунатан бардылар...
Чачыгыр Таас ойуун суол тобулбут соругун толорон, үөрэн-
көтөн, өрө битийэн төннөн тахсыбыт, ол тахсан үс харыс хо-
лобурдаах, илбис дуксуйбут сытыы кылыһы Улуу Кудаҥса эрэй-
дээххэ биэрбит. Улуу Кудаҥса эрэйдээх күлүм аллайан сулбу
охсон ылла, дьэ уонна икки аар кырдьаҕас оҕонньоттор, икки
үөлээннээхтэр кэриэс тылларын кэпсэтэн, саймарыын са-
ҥаларын саҥарсан, уураһан-сыллаһан, харах харахтарыттан
уу-хаар басыһаннар, бырастыылаһан араҕыстылар.
Улуу Кудаҥса эрэйдээх бии куһаҕан аппалаах-дьаппалаах
145