Page 143 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 143

үтүгэн үрдүгэр, аад биттэҕэр, аҕыс үрэх арахсыытыгар, тоҕус
үрэх тутуһуутугар үс уус төрдө — күксүүрдээх Күөттээни уус,
барыктаах Баалтааны уус, кырыктаах Кытай бахсы уус — үс
улуу бодоҕот уустара бааллар диэн. Эн ол үс улуу бодоҕот
уустарыгар киирэҥҥин, дьуксуйаҥҥын, илбис күүһүнэн, бэй-
этэ санаатынан быһа охсор аптаах сытыы кылыста оҥорторон
таһааран кулу, аны бу айылаах буорайан бараммын эйигин
элбэхтик соруйарым кэлиэ дуо. Кэриэс тылым, саймарыын
саҥам», — диэн өлөр-хаалар күнүгэр ааттаһа-көрдөһө олор-
доҕо.

    — Оксиэ-ньии! Бу айылаах буруйданан-сэмэлэнэн олороҥ-
ҥун, санааҥ да түспэт буолар эбит! Эн буруйуҥ үрдүгэр бу-
руйу оҥостоору гынныҥ ээ! Ол аллараа дойдуттан ким бултуур
сэп тэриттэрэн, илбиһи илии-атах гынан бултаан аһаабытын
истэҥҥин эттэҥий? — диэн ойууна сэмэлиэх курдук саҥарда.

    — Ээ, доҕоруом, сору-муҥу көрөммүн, икки хараҕым дьүккэ-
тин хаанынан ытааммын көрдөспүт көрдөһүүбүн ылынымаары
гынныҥ дуу? Хайа, былыргы кэриэспин-хомуруоспун өйдүөн
көр эрэ, хоргуйан өлөр күнүм кэллэ ээ... Билигин даҕаны өлөр
күммэр, кырдьар сааспар бар дьоммор үтүөнү оҥороору, үөрэх
таһаараары санаа булуммут санаам буолар... Хайа мин курдук
умса түспүт, кулут-кумалаан буолбут, хоргуйан өлөөрү гыммыт
аныгы да дьылларга элбэх буолаа эни, онон ити санаабыт са-
наабын, ити эппит тылбын олус ол курдук сэттээх-сэмэлээх,
буруйдаах-аньыылаах буолуо дии санаабаппын, — диэн баран,
Улуу Кудаҥса эрэйдээх ойуунун диэки сүүһүн аннынан, бат-
таҕын быыһынан хааннааҕынан дьөлө көрөн олордоҕо.

    Чачыгыр Таас ойуун, санаата хараастан, мунна-уоһа итий-
бэхтии олордо, Улуу Кудаҥса урукку күннэргэ-дьылларга хай-
дах курдук баараҕай баайданан, халыҥ үптэнэн, кэтит кэс-
киллэнэн, суон соргуланан олорбутун-сылдьыбытын санаан
көрөн баран, көхсүн этиттэ, үөһэ тыынна уонна буоллар буо-
ллун диэххэ айылаах эттэ: «Чэ кэбис, буоллар буоллун! Дьэ,
хайа туох эмэ дьүһүннээх сүөһү хаалбыта буолаарай? Баран
көрдөөн көрүөх, олоруохпут дуо, бэлэмнэниэх», — диэтэҕэ.

    Иккиэн тайахха тэптэрэн сылдьаннар унаар саламаны тиир-
дилэр, аар баҕаҕы астылар. Ойуун туттар көтөрүн-сүүрэрин
оҥордулар, үс түүннээх күнү мэлдьи баакаҥнаһан-баакаҥна-
һан, көрдөөн-көрдөөн бэрт нэһиилэ суос-соҕотох илии сот-
туута буолбут күрүҥ хара дьүһүннээх, сүүһүн ортотугар күн
тыкпытын курдук туоһахталаах, биэстээх-алталаах атыыр оҕус
баарын булан аҕалан аар баҕахтарыгар баайдылар.

                                                                                                                                     143
   138   139   140   141   142   143   144   145   146   147   148