Page 138 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 138
чотооҕу бүтэй күҥҥэ-дьылга тойот-кулут икки күөн көрсөн, күрэс
былдьаһан уоттаах улуу мөккүөрдэрэ үөскүү илик буолан, урукку
өттүгэр үчүгэй диэбиттэрин куһаҕан диэн, урукку мантан барҕа-
ра байбыттарын аньыы-кэйии эбит диэн, дьон санаатын үксэ үүт
күүгэнин курдук уостан-сүтэн төттөрү түһэр буолар эбит.
Онон Улуу Кудаҥса дьонун тобоҕо бука барылара, төттөрү
түһэннэр, бу курдук этэр буолбуттар эбит: «Бу Улуу Кудаҥса
уоттаах халлаан ууруутун алдьатан, улуу чолбону үлтү кэртэрэн
уонна бу айыы хаан аймаҕыттан арахсан, күн өркөн улууһуттан
тэйэн, абааһы аймаҕын кытта уруурҕаһан, аньыыта-харата эл-
бээн, сэтэ-сэмэтэ туолан, үөһээ Үрүҥ Аар Тойон удьуордара
киэр хайыһаннар, айыыһыта арахсан, иэйиэхситэ иэдэс биэ-
рэн, кырамаҥҥа туран, кырыыска этиллэн, буруйданан эрдэҕэ
дии... Ынырык ыйаахха ылларбыт, улуу буруйга турбут киһи-
ни кытта ыаллаһан олорор, дьиэтигэр-уотугар киирэр-тахсар
сэттээх-сэмэлээх буолуоҕа. Кини кэнтигэр охтумуохха, кини
сордоох суолугар умсумуохха», — дэһэн, икки-үс хонукка өлбүт
дьон тиллэрин кэтэһэн көрөн баран, бука барылара көһөн, кү-
рээн суй гынан хааллылар.
Улуу Кудаҥсаны урукку күннэргэ-дьылларга олус ытыгы-
лааннар, ордук сураҕырданнар, олус аатырданнар, күн өттүнэн
күөйэ көппөт бэйэкэлэрэ, уһун суолун туора кэспэт бэйэлэрэ,
Одун Хаантан оҥоһуулаах тойоммут диир дьонноро бука ба-
рылара арҕам-тарҕам бардылар, үрэх баһынан түстүлэр. Улуу
Кудаҥсаны истэр кулгаахтаах эрэ барыта кырыыс курдук көр-
дө, кэнтик курдук туораата, өлүү дьаҥын курдук куттанна.
Аҕыйах күнүнэн-ыйынан Улуу Кудаҥса барахсан суос-со-
ҕотоҕун хаалла, аймах-билэ дьоно өлөн-сүтэн быһынна, уруу-
билэ дьоно, күөс күүгэнэ уостубутун курдук, баранна. Биир
модьууннаах торбос хотонугар оппото, биир иринньэх кулун
далыгар хаалбата. Алааһа-толооно айаҕы атыппат гына, мун-
ну-уоһу саба туттар гына үллэ сытыйбыт сүөһү, сылгы сытынан
өрө тунуйда, кымырдаҕас бөҕө кыймаҥнаата, хомурдуос бөҕө
хончоҥноото, хара төбөлөөх үрүҥ үөн үллэҥнээтэ, сахсырҕа
бөҕө сааҕынаата. Дьиэтигэр-уотугар, сиригэр-дойдутугар биир
уллуҥах үктэнэр ыраас сирэ суох буолла, үллэҥнэс үөн-көйүүр
буолла.
Улуу Кудаҥса олорор алааһын ырааҕынан кыйан ааһар
буоллулар, кини аньыылаах аатын аар-саарга ааттаабатылар,
онон кини аатын тыллаах эппэт, кулгаахтаах истибэт буолла.
Тохсунньу ыйга устаты муруннаах урааҥхай саха ойох-эр
буолсуспат буоллулар, бу ыйга ойох-эр ылсар аньыы-кэйии
138