Page 135 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 135
саллайдын, атаххыт суптуйдун, үөһээ дойдугутугар үтэйдэҕим
буоллун! Доом эрэ дуом», — диэн өрө үтэйбит, алҕаан дьөлө
дьиэһийбит.
Оксиэ-ньии, оҕолоор! Икки да атахтаахха илэ чахчы иччи-
лээх тыллаах, илбистээх тойуктаах киһи төрөөн-үөскээн ааһар
буолар эбит! Чачыгыр Таас ойуун домноон бүтэрин аҕай кыт-
та, бии харааннааҕы ыам бырдаҕын курдук элбэх хара ба-
рык күлүктээх, ыар тыыннаах, ыарахан сыттаах үөһээ дойду
үлүһүйэр үлүскэннээхтэрэ, абааһы аймаҕа имил-ньимил буо-
ланнар, суугунаһан-сааҕынаһан, үөһээ халлааҥҥа кус-хаас то-
йугун туойаннар, куба лахсыыр тылын тыллаһаннар төттөрү
көтөннөр, күлүк аччаата, сыт намтаата.
***
Соҕуруу соххор-холорук халлаан бэргэһэ быатын саҕа мэ-
нэгэйдээхтэрэ, сутуруо быатын саҕа соллоҥноохторо, туттаран
туран балыырдаахтара, көрдөрөн туран мэлдьэхтээхтэрэ ба-
ралларын аҕай кытта, дьон үксэ саҥардыы өйүн булунан үөр-
бүтэ биллиэн иннинэ, кэҥээбит дьон быһыытынан өрө тыынан
эрдэхтэринэ, Улуу Кудаҥса обургу дьаалы уоллаах кыыс оҕо-
лоро иҥиир ситиилэрин тартаран чиччигинэһэ, икки алаархай
уу мунаар харахтарын көмүскэлэрин түгэҕинэн тиэрэ-маары,
түҥнэритэ эргичиҥнэтэннэр, өҥүргэһинэн өрө көрөн кэбис-
тилэр. Икки дьабадьыларыттан симэһиннээх үрүҥ күүгэн өрө
оргуйан бааҕынаан таҕыста. Ол кэнниттэн сотору соҕус буо-
лан баран уоллаах кыыс тартарбытынан өлөн тыылыы тэбэн
кэбистилэр.
Онуоха Улуу Кудаҥса обургу хаана хамсыа баара дуо! Си-
рэйиттэн биир тымыр тардан ибир гыммата, хата төттөрү
үөрэн саҥа аллайа түстэҕэ: «Өйдөөбүт өй, санаабыт санаа!
Ити аата үлүскэннээх халлаан үтүөлэрэ, алдьархайдаах хал-
лаан ааттаахтара, оҕолорбун сирбэккэ, куттарын-сүрдэрин
илдьэ бардахтара дии! Аны мантан антах айыы хаан аймаҕа,
күн улууһа, устаты муруннаах, утары сирэйдээх урааҥхай саха
барахсан үөһээ дойду өлүү дьаҥар охтон өлүө суоҕа, өлөр
кэмигэр өлүөҕэ, уһун үйэлэниэ, элбэх саастаныа, киһи-сүөһү
элбиэ. Дьэ, бу аата буолар өрөгөй үрдээбитэ, саргы-дьаалы
улааппыта диэн... Уруй! Уруй-туску!» — диэн үс киис тириитэ
өллүргэлээх үрдүк нуоҕай бэргэһэтинэн өрө талбаатаан уруй-
дуу турбут эбит. Улуу Кудаҥса обургу уруйдаан бүтэрин аҕай
135