Page 131 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 131
буоларгыт, хааннаах хараҕым уутугар суунаммын ытаан-
соҥоон, иэйэн-туойан, бу айылаах буолан кэлбиппин — киэр
хайыһымаҥ, ыар тылбын, ытык көрдөһүүбүн сиргэ-буорга бы-
раҕымаҥ!
Кураанах киирдэрбин эрэ, хара сирэйдээн, халтаҥ ойо-
ҕостоон, куппун-сүрбүн тоҕон, тыыммын иһиллиэҕэ, өлөртөрө
оонньуоҕа... Орто туруу дойдуттан, урааҥхай сахаттан бу Улуу
Кудаҥса обургу олус аатырда, ордук сураҕырда, албан аатын
ааттаан, суон сураҕын суоллаан, үөлэһин үүтүнэн өҥөйөн кө-
рүөххүтүн төһө-хачча буолуоҕай?!!» — диэн Чачыгыр Таас ойуун
иэйиккээн иэйиитин иэйдэ, туойуккаан туойуутун туойда, үс
бараа-хара күлүктэригэр үҥэн сүөдэлдьийдэ, ааттаһан-көрдө-
һөн алҕаан тамылыйда.
Онуоха буоллаҕына, аһыам-сиэм этэ диэбит Улуу Суорун
оҕонньор уот-буурай аймахтара, үөһээ дойду үлүскэннээх-
тэрэ былас ордуга түөс аҥаара дьүкэл хара моонньуларын
онно-манна куоҕаҥнатан бараннар, куолайдарын куллурҕатан,
таҥалайдарын чаҥырҕатан, сэттэ былас холобурдаах уот мо-
ҕой тылларынан санныларын саланан саллырҕатан кэбистилэр.
Ымсыылара ыксатта, соллоҥноро сордоото, идэмэрдэрэ иэни-
гийдэ... Ойуун диэки көрөбүт диэн адьас атын сиргэ харах-
тарын уота сытыы сындыыс курдук субуруҥнаата. Кыыһа кы-
дьараҥнаата, уола суудайда. «Барыахха да барыахха, сөбүлээ
да сөбүлээ!» — диэн Улуутуйар Улуу Суорун оҕонньору сүүс
өттүттэн сууралыы олордулар.
Соҕуруу соххор-холорук халлаан аҕыс хараҕалаах хааннаах
дьайыҥыттан тоҕус уон тоҕус тиһиликтээх уот оҕурук быанан
тоҕус уон тоҕус улуу ойууну оҕуурдаан аҕалан, тордохтоох
ньуурун иннигэр тоҕо-хоро анньан биэрдэххэ, кулахайа ха-
раабатах, кудуга туолбатах, күлүк өттүгэр күрүөлээх, хаҥас
өттүгэр хаһаалаах, хаан салыҥ олбохтоох Хотун Хуохтуйа обур-
гу оҕонньорун диэки иэҕэл-куоҕал туттан, иһил-таһыл хамнаан,
хатан-хатаннык чаҥыргыы олорбут: «Ээ, киириэххэ даҕаны!
Бэйэтин билинэн ыҥырда эни», — диэн уоһун-тииһин чуубур
гына соттубут. Улуутуйар Улуу Суорун оҕонньор: «Эчи-эчи! Он-
нук эни! — диэн кэтэмэҕэйдээн-кэтэмэҕэйдээн баран: — Ээ
чэ, буоллар даа буоллун — бэйэтин билинэн ыҥырда эни.
Тохсунньу ый тохсус киэһэтигэр киириэхпит, ону билинэн, бэ-
лэмнэнэн олордун», — диэн уордайан ордоотуу олордоҕо.
Чачыгыр Таас ойуун, соругун толорон, үөрэн-көтөн, махтана
турдаҕа: «Үөһээ дойду үтүөлэрэ, үрдүк сололоохторо сайма-
рыын сырыым кэриэс тылын ыллыгыт, ууга-уокка бырахпакка,
131