Page 132 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 132
үрүҥ тыыммын өрүһүйдүгүт, ол иһин улуу бэйэлээхтэр, уот
буурайдар ама хайдах тылгытыгар турбат буолуоххутуй?!! Туох
эмэ бэлиэтэ кулуҥ, ол Улуу Кудаҥса обургу кураанах тылбын
итэҕэйиэ суоҕа, сирэйбин буордуоҕа, харахпын хаардыаҕа,
тыыммын иһиллиэҕэ. Оо, абам-сүптүм эбит, аны мин иккиһин
эргийбэт кэриэс сырыым буолла! Тордохтоох ньуургутун, уот-
таах сырайгытын, суостаах бэйэҕитин манна тахсан көрөрүм
биллибэт», — диэн ымманыйа турдаҕа.
Онуоха бу улуу күтүрдэр тордохтоох ньуурдара, алтан
аалыытын курдук, дьэбидис гына түстэ, уоттаах тимир до-
ло-нукса сүрэхтэрэ аһынан, итии болгуо курдук, сылыйбах-
таан ылла уонна саҥа аллайдахтара: «Һээн! Уолбут эрэйдээх
сөпкө да этэр ээ! Бу эрэйдээххэ туох эмэ бэлиэтэ биэриэххэ,
кырдьыга даҕаны Улуу Кудаҥса обургу кураанах тылы итэҕэй-
бэт киһи буолуоҕа... Бу Улуу Кудаҥса олус да аатырда, ордук
да сураҕырда! Чэ бэйэ, биһиги даҕаны киниэхэ сөптөөх ыар
ыалдьыттар, нүһэр хоноһолор буоларбыт буолуо», — дэһис-
тэхтэрэ. Онуоха Улуутуйар Улуу Суорун оҕонньор уоллаах-
кыыһын атыырдарыттан аҕыстыы кырыылаах, тоҕус сиринэн
туос ала, токуруччу туттахха, чиккэччи тэбэ сылдьар икки кылы
бэрдэрдэ, киирэр бэлиэбит бу диэн.
Чачыгыр Таас ойуун, дьэ үөрэн-көтөн, кылларын алҕаан ба-
ран, үс төгүл эринэн, солбуйа баанан үлүскэннээх халлаан
үрдүттэн төрүөбүт ийэ буор сиригэр, ахтылҕаннаах аан ийэ
дойдутугар кыыран чыҥыйан, эккирээн-битийэн түһэн кэлэн,
Улуу Кудаҥса обургуга биэрбит бэлиэлэрин биэрбитэ үһү.
Онно мустан олорор дьон бука барылара бэри-бэркиһээн,
сөрү-сөҕөн, дьулу-дьулайан: «Оо, аны маннык улуу ойуун үөс-
кээбэтэр үчүгэй этэ!» — диэн саҥа аллайбыттар үһү.
ҮҺҮС ТӨГҮЛЭ
Үлүскэннээх үрдүк мэҥэ халлаан үөтүүлээх үрдүгэр үөс-
кээбит, үөмэн тиийбэт үрдүк ааттаахтара кэмнээбит кэмнэри-
гэр диэри, бу тардыалаатахха дьалкылдьыйбат, кэбиэлээтэххэ
кэйбэлдьийбэт кэтит Сибиир кэтэҕэр үөскээбит Улуу Кудаҥса
обургу тохсунньу ый тохсус киэһэтигэр диэри айыы-абааһы
икки урууга-тарыыга аһыыр астарын дэри-дэлэгэй буоллар
курдук диэн, күннэри-түүннэри бэлэмнэттэ.
Сүүһүнэн сүөһүнү-сылгыны сүүрдэ сылдьан сүүстэрин оҕус-
тарда, сүнньүлэрин астарда, уҥа диэки улааны умсардылар,
соҕуруу диэки суру сууллардылар, хаҥас диэки халыҥ хаһа
132