Page 128 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 128
Дьиэ иһэ имик-симик, им-ньим буолла. Хараҥа-барык күүрдэ,
сүөдэс күлүк улаатта, уот төлөнө күл быыһынан кылам гыннаҕын
аайы, дьон сирэйэ кытар гынан ааһар, ол кэнниттэн хараҥа-ба-
рык үмүрүс гына түһэр, өлүү-сөдүк күлүк улаатан дьэргэс гына
түһэр, дьиэ сэбэ-сэбиргэлэ ол аайы дьүһүн кубулуйан көстөр, ич-
чилэммит курдук буолар, үрдээн-намтаан, илбис илэ сүөдэҥнээ-
битин курдук сарбаҥнаан-дьэрбэҥнээн ааһар.
Чачыгыр Таас ойуун, торҕон бөрө улуйан эрэрин курдук, сүр
иҥсэлээхтик дьөлө дьааһыйан дьиэһиттэ, ол кэнниттэн уту-
йа-утуйа уһуктан эрэр киһи курдук, улам-улам улаатыннаран,
бэрт дириҥник иһин түгэҕиттэн эппэҥнэтэн, өрө мэҥитэн аал
уотун, алаһа дьиэтин, аан ийэ дойдутун алҕаан онолутта.
Дьон этэ атыйыаҕынан, куйахата күүрүөҕүнэн кэп туонан
кэмириннэ, олорор дьон уҥуохтара кыйыаҕынан, сүрэхтэрэ нүө-
лүйбэхтээн, систэрин этэ тымныйбахтыы кэдэҥниэҕинэн үһүү-
рэн чыскыһытта.
Бу кэнниттэн кэннигэр кэтэспиттэрин, иннигэр манаспыт-
тарын, санныгар сүкпүттэрин, ойоҕоһугар кыҥастаспыттарын,
түөһүгэр көтөхпүттэрин — көтөрдөрүн-сүүрэрдэрин ыҥыран,
куба-лахсыыр, куналы-дьэллик тойугу туойан кулдьугуратан-
халдьыгыратан барда. Онтон ойуун олоҕуттан туран, уҥа түн-
нүк диэки ытыһын тоһуйан үс төгүл хоруутаан хоҥкунаппыты-
гар, аар баҕахха баайыллан турар туос элэмэс атыыр сылгы,
быатын быһа охсон кэлэн, бастыҥ түннүгүнэн баһын хоолдьу-
гар диэри батары уган туран, барылаччы тыбыырда, ол кэн-
ниттэн таҥнары бүгүйэхтээбитинэн барда.
Бу кэнниттэн Чачыгыр Таас ойуун бары мустубут үөрдэрин-
абааһыларын атыырыгар иҥэрэн, атыырын кутун-сүрүн, көтөр-
дөрүн-сүүрэрдэрин иннигэр үүрэн-түрүйэн, кыйдаан-хайдаан,
сайдаан-саттаан орто аан дойдуттан арахсан, үөһээ үлүскэн-
нээх халлаан үрдүгэр көтөҕүллэр алгыһын алҕаан, алтан эмэ-
гэт кэҕэ кыыл дэбдиргэлээх, кэмэрдээх Кээхтийэ Хотун аар-
тык иччититтэн көрдөһөн, кэнийэн-таныйан айаннаабытынан
бардаҕа. Илбиһирбит курдук эккирээтэ, хомуһуннурбут курдук
хоккулунна, хоботун тыаһа хоҥкунаата, чуораанын тыаһа чуг-
даарда, кыаһаанын тыаһа кыыгынаата, күһэҥэтин тыаһа күү-
гүнээтэ, дүҥүрүн тыаһа лүҥкүнээтэ, былаайаҕа дьэргэйдэ.
***
Чачыгыр Таас ойуун хахайдаах ханыйа-хаан сириттэн хал-
барыйан, өксөкүлээх үрдүк мэҥэ халлаан үрдэ дуо диэн өрө
128