Page 124 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 124

Киис тириитэ нуоҕайдаах дьабака чомпойун саба тардынан
икки хараҕын сабынна, икки кулгааҕын бүөлэннэ, хаҥырҕастаах
алтан тайаҕар сүүһүттэн умса тайанна уонна өр буола-буола
уһуутаан кэбиһэ олордо.

    «Хайдах абырыамый? Бар дьонум өлөн баранаары гынна ээ,
хайдах абырыыбын? Хайдах абырыыбын?!! Ити курдук буолуо
дуо?!! Ол курдук буолуо дуу?!!» — диэн, түһээбит киһи курдук,
үлүгүнэйэ олорор буолла. Ыыс-араҕас хаана-сиинэ көҕөрө
өллө, килбэлдьигэс ыыс-хара баттаҕа кыырыктыйан хаалла,
ыар санааҕа ылларда, нүһэр өлүүгэ түбэстэ...

    Ол курдук бэрт эрэйи эҥээрдэнэн, улуу муҥу көрөн, түҥ-
таҥ, тиэрэ-маара булкуйан, араастык ырытан баран, икки
атахтаах уоһах мэйиитигэр санаабатах санаатын санаата, өй-
дөөбөтөх өйүн өйдөөтө, дьиибэни тэриннэ, дьиктини сананна.

    «Бу дьаҥы оҥойор айахтаах барыта, бу өлүүнү чоройор
тыллаах барыта үөһээ дойду дьаҥа, уоттаах халлаан өлүүтэ
дииллэр ээ, онон буоллаҕына, бу орто туруу дьаҕыл дойду
дьоллоох дьонун кутун-сүрүн үөһээ халлаан абааһылара тү-
һэннэр уоран-талаан барар буоланнар, бу бар дьонум өлөн,
быстан эрдэхтэрэ дии?!! Арай бу абааһылары санааларын
манньыттар, илбистэрин сымнаттар, урааҥхай саха өлөрө-сү-
тэрэ тохтуо этэ... Кыра манньаҕа кудуктара туолара буоллар,
бу дьаҥы хайа да ойуун хайыы-үйэ бохсуруйбут, үөһэ төттөрү
үтэйбит буолуох этэ... Кыранан аттаммат, аанньанан арахсы-
бат, туппуттарын төлөрүппэт, ытырбыттарын ыһыктыбат күтүр-
дэр буолаары гыннылар быһыылаах... Онон арай мин, бу орто
дойду улуу баһылыга ааттаах киһи, ити үөһээ үлүскэннээх хал-
лааҥҥа илиэһэй бииһигэр баһылык буолбут, килбэйэн көстөр
муус тэлгэһэлээх, томтойон көстөр муус суорук уоруктаах, ил-
бистээх кырыа-дьаҥха тыыннаах, бэлэһин төрдүгэр бэс кы-
тыйа саҕа сиикэй бэргэ урдаах, уолуйан уһуктар Улуутуйар
Улуу Суорун тойону кытта уруурҕастахпына сөп буолсу... Ама
урууларын сиэхтэрэ дуо? Төһө да абааһыларын иһин, ханнык
да буоллар бука бары туох эмэ ыллыктаах дьон буоллахта-
ра! Кыыһын уолбар ойох киллэртэрэн, уолугар кыыспын ойох
таһаартаран, арай мин кинилэри кытта урууластахпына сөп
буолсу, баҕар, санаалара манньыйдаҕына, уруургуу санаан-
нар, кэнники кэлэр дьылларга бар дьоммун, урааҥхай саханы
сиэбэт-аһаабат буолуохтара», — диэн маны хайаатар даҕаны
толорорго сананна.

    Улуу Кудаҥса обургу дьабака бэргэһэтин өрө анньан сэ-
гэс гыннарда уонна уһуутаабытынан ойон турда, хаҥырҕастаах

 124
   119   120   121   122   123   124   125   126   127   128   129