Page 119 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 119
им-ньим буолла. Умайа турар уот курдук уот кугас хагдаҥ эһэ
тыстаах, баттахтаах тириитин аҕалан, оһох иннигэр ойууҥҥа
олбох ууран биэрдилэр. Элэйэн-элэйэн киил буолбут муос сү-
гэни ойуун кыаһааныгар солбуйа баайан кэбистилэр. Күлүк
барыҥнаата, имик-симик, уоруку-суоруку буолла.
Ол кэнниттэн Чачыгыр Таас ойуун үс төгүл аат харата эрэ
дүҥүрүн охсон дэгэлдьитэн дуугунатта уонна, торҕон бөрө
улуйан эрэрин курдук, иһин түгэҕиттэн бэрт дириҥник дьөлө
дьиэһийэн, иҥсэлээх соҕустук дьааһыйталаан ылла.
Утуйан баран уһуктан эрэр курдук, кыра-кыратык үдүк-бү-
дүк туойбахтаан аал уотун, алаһа дьиэтин, аан ийэ дойдутун
кытта бырастыылаһан, алҕаан онолутта. Ол кэнниттэн бар дьон
эттэрэ салаһыар, куйахалара күүрүөр диэри кэп туонан кэми-
риннэ, орто туруу дойдуттан уларыйан, хахайдаах ханыйа хаан
сириттэн арахсан, өксөкүлээх үрдүк мэҥийэ халлаан өрөһөтө
дуо диэн ыамах-чыамах эккирээн, кыыран, илгистэн киллэрэн
бардаҕа...
Хобото хоҥкунаата, чуораана чугдаарда, күһэҥэтэ күүгүнээ-
тэ, бытырыыһа дьиримнээтэ, дүҥүрэ дүрбүйдэ, иһин түгэҕит-
тэн өрө мэҥийбэхтээн дириҥ-дириҥник, иҥсэлээх-иҥсэ-
лээхтик этэн-тыынан, илбис тойугун туойан өрө битийдэ.
Көмүллүбүт оһох уотуттан биир эмэ чох уота күөдьүйэн,
сирэлийэн тахсан, сып-сытыытык чолбоодус гыннаҕына, баар
дьон бука барылара Чачыгыр Таас ойууну өрө көрө түһэр
эбиттэр...
Ол көрдөхтөрүнэ, кырдьык даҕаны ыраах дойдуга, тымныы
сиргэ тахсан эрэр эбит быһыылаах — сирэйэ, туртаччы тоҥ-
мут курдук, кубарыйан хаалбыт, уостара көҕөрөн хаалбыттар,
хааһа, баттаҕа кырыа буолбуттар... Илгиһиннэҕин аайы хаа-
һыттан, аһыттан, дүҥүрүттэн, былаайаҕыттан, кыаһааныттан,
бытырыыһыттан дьиэ иһигэр илэ чахчы кырыа хаар сабыта
ыһыахтыы турар эбит.
Ойууннарын саҥата улам-улам иччилэнэн-иҥэссийэн, ыара-
ан-дириҥээн испит, собо миинин курдук, иччитэ суоҕунан тур-
таччы көрбүт харахтара уоттанан, хайа да эдэр-имигэс киһи
кыайан үтүктүбэт үҥкүүтүн үҥкүүлээн, битиитин битийэн, имэҥ-
нээхтик эккирээбит эбит.
Уйаара-кэйээрэ биллибэт уһун аартыгы арыйан, айаннаан-
айаннаан, дьон көнчөйө көһүйбүттэрин кэннэ, ананан барбыт
сиригэр тиийэн, кэлбит соругун кэпсээн, алҕаан-алҕаан ба-
ран, муос сүгэтин сулбу охсон ылан, бастыҥ өһүө туһунан ку-
119