Page 121 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 121
барытыгар сыыһа охсон истэ, тыас тыаһа чабырҕаабата, күөх
уот күлүмнээбэтэ, кырыа хаар кыыдамнаабата.
Кэмсинии бөҕөнү кэмсинэн, кыраныы бөҕөнү кыранан, иэйэн-
туойан, ытаан-соҥоон, аан ийэ дойдутугар, куран-дьаҕыл си-
ригэр төттөрү түһэр алгыһын алҕанан, олбоҕор кэлэн олоро
түһэн баран: «Уо, абам-сүптүм эбит! Бу хаарга хаамтахпын, бу
сииккэ сиэллэхпин! Уһун баттахтаахтар, ураанай маҥан сирэй-
дээхтэр бу айылаах аан алдьархайга тэптэхтэриэн! Аан дойду
айыллыбыт быһыытын алдьатаары гыммыт, уоран, талаан ула-
рытаары гыммыт сырыыбыт сатаммата. Үс саханы үксэтиэх,
түөрт саханы төрөтүөх эдэр дьахтар хараҕынан көрүө суох-
тар көрдүлэр, билиэ суохтар биллилэр, онон төттөрү үүрэрин
үүрдүлэр да, улуу мөккүөр уот сиэмэтэ олохсуйда быһыылаах,
бэдэрбитигэр тиийэ бэрт былдьаһыыта, тугуппутугар тиийэ
олох тупсарыыта, умуллубат уот буолан, күөдьүйэригэр тиийдэ
быһыылаах...» — диэн саҥа аллайбыта эбитэ үһү.
Ойуун инньэ диэн бүтэрин аҕай кытта, дьиэ иһинээҕи дьон
бука барылара, сэлэттэн тахсыбыт сылгы үөрүн курдук, дьиэ
таһыгар ойон тахсан, чолбону көрүү буолла. Ол көрдөхтөрүнэ,
уоттаах улуу чолбон үс гыммыттан иккитэ холобурдаах үлтү
сынньыллан, туспа үргэл сулус буолан турар эбит. Онтон ыла
үргэллээх чолбон алтыстахтарына, улахан тымныы буолар буол-
бут эбит.
121