Page 117 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 117
гыланан үс саха үөскүөх этэ, түөрт саха төрүөх этэ... Дьэ,
кырдьаҕас! Онон кыһанан көр, үүннээх-ыҥыырдаах үтүө тыл-
бын сиргэ-бөххө быраҕыма... Эйигинньик улуу ойуун, санаатын
уурдар эрэ, чолбону тоҕо кыайан кэппэт буолуоҕай!» — диэн
көрдөһө олорбута эбитэ үһү.
Онуоха ойууна: «Кэбис! Улуу тойонуом, ити тылы тыллаһыма,
бэрт сэттээх-сэмэлээх буолуоҕа... Аньыы-кэйии! Инньэ диэ-
мэ... Үөһээҥҥи айыы аймахтара, күн өркөн уустара бука бары-
лара хоргутан, хомойон, урааҥхай сахаттан киэр хайыһыахтара.
Уоттаах халлаан улуу уураахтарын быһыытынан буоллаҕына,
бэйэҕиттэн ааһан бэдэргиттэн иэстиэхтэрэ, бэдэргиттэн ааһан
тугуккуттан иэстиэхтэрэ», — диэн, төһө да куттаннар-куойдар,
буолуммакка, кылыгыраччы илгистэн кэбистэҕэ...
Улуу Кудаҥса обургу, уолуктаабыт улар курдук уордайан,
өтөс гына түстэ уонна, хаана-сиинэ хамсаан, хараҕа уоттанан,
көмүс аалыытын курдук көҕөрбөхтөөтө, тимир аалыытын кур-
дук дьэбидийдэ, хатааһын чолбон курдук тырымнаата.
Ыгылла-ыгылла, ыҕарыйан кэллэ: «Айыы аймахтара антах
хайыһыахтара буола-буола... Айыы хаан аймахтара, күн өр-
көн уустара, эн эттэххинэ, буор куттаах, салгын тыыннаах
урааҥхай саха норуота, амырыыннаах алдьархайтан арахсан,
айгылаах олоххо олороннор үөрэн-көтөн, дьүһүн кубулуйан,
күлүм аллайан, айыы аймаҕын аатырдалларын, күн улууһун
үрдэтэллэрин туора көрөн буруйдуу олорууһуктар дии? Орто
туруу дойду олоҕо уларыйбакка-тэлэрийбэккэ, ыйаах хоту ба-
ран иһэр буоллаҕына, тоҕо ойуун-удаҕан буолаҥҥыт биһигини
буулуугут, тоҕо аан дойдуну сабардыыгыт?! Эһигинэ да суох
ыйаах хоту олорууһу эбитэ инибит... Түөрт харахтаах хара
түөкүн, мин тылбын, аанньа ахтымына, ылыммакка олорбук-
кун, хата, мөкүбүн көрдөрөн, үтүөнэн ылымматаххын куһаҕа-
нынан ылыннараайабын! Мин эйигин, кырдьыга даҕаны, со-
рукпун төттөрү этиттэрээри, үүннээх-ыҥыырдаах үтүө тылбын
сиргэ-буорга бырахтараары ыҥыртарбатаҕым... Чолбону
кэттэргин да кэттэриэм, кэппэтэргин да кэттэриэм... Мас кур-
дук, булгуччу кыыраргын-кыырбаккын биллэр! Сылтах була-бу-
ла, эҥин араас буолбуккун, хата, моһуораҕын көннөрөөйөмүй,
тараах иэннээйэмий!» — диэн баран, баадас гына ойон тура
эккирээн, хаҥас илиитигэр хаҥырҕастаах тайаҕын ыараҥнат-
та, уҥа илиитинэн алтан көхөҕө ыйанан турар үс салаалаах
айыы далбар-куо кымньыытын кылыгыраппытынан сулбу ох-
сон ылла уонна, уоттааҕынан умса көрөн, буугунуу-буугунуу,
туохтан да толлубат, кимтэн да кэхтибэт ньүдьү бараан дьү-
117