Page 112 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 112

мөһүүрэ курдук ыдьымыр-дьыдьымыр долгуннаммыт Таатта эбэ
хотун арҕаа диэки өттүгэр, аҕыс үөстээх күөх, араҕас, кыһыл
дьэргэн кустук таҥнары сатыылаан түһэн өрүнэ оонньообут
Майы Баалы диэн ааттаах күөл үрдүгэр, араҕас чыычаах уйа-
та от күөх далбардаах, күн уотун күҥкүүрэ буолбут араҕас
дьогдьоот кырдалыгар Улуу Кудаҥса обургу олохсуйан олор-
бута эбитэ үһү.

    Улуу Кудаҥса ийэтин ууһа хайа да ийэ ууһуттан алыс наһаа
аатырбыт, тосту туора сураҕырбыт эбит. Сыһыыга баппат сыс-
пай сиэллээхтэрэ, сылгы сүөһүлэрэ тоҕус үрэх баһынан тоҕо
ааллаан баппакка үөскээбит эбиттэр, алааска баппат аһаҕас
ыыраахтаахтара, ынах сүөһүлэрэ аҕыс үрэх баһынан үөскээн,
Улуу Кудаҥса оҕонньор үргүүк үрүҥ сүүрүгүн үксүн дьүүлүн
өйдүөн билбэтэҕэ үһү, хаҥыл хара сүүрүгүн хаһын-хаччатын
бачча буолуо диэн барыйан көрбөтөҕө үһү.

    Ол курдук баараҕай баайдаах, халыҥ үптээх, үгүс сүөһүлээх
эбитэ үһү.

    Хайа да ийэ ууһугар чөҥөрө чүөмпэ саҕа дириҥ далай тү-
һүлгэни, улуу тунах ыһыаҕы оҥордохторуна, соҕотох Кудаҥса
дьоно кыайан-хотон тахсар буоланнар, албан ааттара аллаах
ат ахчайа тардыаҕынан аҕыс аартыкка атыыр сылгы курдук
дырылаччы кистээбит эбит. Суон сурахтара алталаах атыыр
оҕус кыайан дьүккүйбэтинэн тоҕус толомон маҥан суолга
айаатаан лаҥкынаабыт эбит. Этэн баран эҕирийиэх иннинэ
кэлбит-барбыт, көрөн баран чыпчылыйыах иннинэ киирбит-
тахсыбыт элэс быһыйдар, дьэргэс сүүрүктэр, ууналас илиилэр,
дэгэс атахтар, биэкэйэр бииллээхтэр, дарайар сарыннаахтар,
хайыта харбаспыт харылаахтар, тоһута тутуспут чоруун тар-
бахтаахтар, бөдөҥ туруулаахтар, урааҥхай саха уһук туйгун-
наахтара бу Улуу Кудаҥса эрэ ийэтин ууһугар олохсуйан тө-
рүүллэр-үөскүүллэр эбит.

    Онон ыраах-чугас ыаллара, баай да ийэ уустара — бука ба-
рылара бүк дьулайан, сөрү-сөҕөн, бэри-бэккиһээн, Улуу Кудаҥ-
са обургу уһун суолун оймообокко, кэтит суолун кэспэккэ, ха-
рыс намтаан, сүөм синньээн, кини киһи үөһэ көрдөҕүнэ аллара
көрөн, тугу эппитин барытын толоро сылдьыбыттар эбит.

    Кими даҕаны утары көрдөрбөккө үөрэнэннэр, наар кыайа-
хото сылдьар буоланнар, Кудаҥса дьоно: «Биһиэхэ тэҥнээх
бу орто туруу дойдуга ким-ханнык төрөөн-үөскээн ааһыа буо-
луой!» — диэн, эрдиин-дьахтардыын, эдэрдиин-кырдьаҕас-
тыын олус улаханнык санаммыттар, алыс киэбирбиттэр. Бэл,
оҕо-чаҕар дьоно ол курдук улаханнык сананар буолбуттарын

 112
   107   108   109   110   111   112   113   114   115   116   117