Page 107 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 107

биэрбитэ. Билигин итиннэ эбии ханнык санааны этиэххэ сөбүй? Би-
лиҥҥи ыччат хараҕынан көрөн, маннык чинчийиини оҥорон, «Кэскил-
гэ хардыы» кэмпириэнсийэҕэ кыттыҥ.

Ааҕыы, сэһэргэһии

                                Сахаада

                    Ээ, Сахаада! Эрэйдээх Сахаада!
                    Уһуктан тураҥҥын, оруҥҥун булунууй!
                    Аҕа дойдуо! Аһыныылаах дойдуо!
                    Айгыстан тураҥҥын, аналгын көрүнүүй!
                    Тоҥтон толлубат,
                    Дьонумсах саҥнаах,
                    Дьорҕоот санаалаах,
                    Туҥуй тулаайах уолаттаргын,
                    Кэмтэн кэхтибэт,
                    Эйэҕэс хааннаах,
                    Ийэмсэх иҥнээх,
                    Элэккэй эҥин кыргыттаргын,
                    Кимиэхэҕэ эн сэлээнниигин?!

                                  (дэгэтэ)
                    Күрүөҕэр-билэҕэр
                    Көйгөлөөн иитэр
                    Күнүҥ оҕолоро
                    Ордук көмүскэс буолаайаллар
                    Күндү көччөхтөргүнээҕэр.
                    Амныа дьонноргор
                    Аччата саныыр
                    Айыыҥ сиэннэрэ
                    Хата аһыныык буолаайаллар,
                    Мааны бараахтаргынааҕар.

                                  (дэгэтэ)
                    Улахан биистэр
                    Оҥоһуу тылларын
                    Уҕалдьылыырыҥ
                    Ордук наһаа ночооттоох буолаарай? —
                    Онтуккун олус умнума!
                    Аҕас омуктар
                    Аан албастарын
                    Араас өйдөрүн

                                                          107
   102   103   104   105   106   107   108   109   110   111   112