Page 104 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 104

УОН БИИРИС КӨСТҮҮТЭ

                      К у л у б а, С э м э н С э м э н э б и с киирэллэр.

    К у л у б а (мэтээлэ суох. Тоҥхолдьуйар). Тойотторуом, бы-
рааттарыам, мин... мин сыыһа быһыыламмыппын. Ону эһиги
бырастыы гыннаргыт сөп буолуо эбит. (Тоҥхолдьуйар.) Мин...
мин, тыа куһаҕан, аҥала оҕонньоро билбэтим, өйдүөбэтим бы-
һыытынан, соһуйан, уолуйан хаалан, сыыһатык туттуммуппун.
Ону, баһаалыста, бырастыы гыныҥ. (Тоҥхолдьуйар.) Мин ...
мин тугу баҕарар, санаабыккытын биэрэр, аһатар киһибин.

                               Сэмэн Сэмэнэбис ол-бу диэки көрөр.

    С а х а. Кырдьаҕаас, түксү, солуута суоҕу баллыгыраама.
Көр, бу киһи эйигин үҥэр.

    К у л у б а (соһуйар). Үҥэр даа? Ол туохха үҥэр?
    С а х а. Улуус харчытын биир тыһыынчаны, уордьан наҕа-
раада ылаары, сиэртибэлээтэ диир. Ол кырдьык дуо?
    С э м э н С э м э н э б и с (уоһун иһигэр). Вот тебе на! Ха-
ра ыты көрүҥ эрэ!
    К у л у б а. Суох, тойонуом. Ол төрүт сымыйа. Ити киһи ба-
лыйан этэр. Миэхэ улахан өстөөх...
    С а х а. Сөп, үчүгэй. Суруксуот, бу киһи эйигин туоһу биэ-
рэр, итини эн билэр суолуҥ дуо?
    С э м э н С э м э н э б и с (сирэйэ кытарар, нэһиилэ саҥа-
рар). Нет, не знаю. Ничего подобного не знаю и не слыхал
даже. Этот гражданин сводит свои личные счеты...
    Н у у ч ч а. Странно. Решительно ничего не понимаю.

           Хаҥас ааҥҥа М а р ы ы н а э м э э х с и н кэлэн өйөнөн турар.

    С а х а. Доҕоор, бу суруксут билбэппин диир. Эн тоҕо сы-
мыйанан...

    У т а р ы (хап-сабар). Таҥара баарына, кырдьык. (Кириэс-
тэнэр.) Эһиги дьыаланы да көрүҥ. Онно баар буолуо. Бу сурук-
сут, кулубатын диэки буолан, миигин сымыйанан этэр диир.
Суох, мин харахпынан көрбүтүм — кинилэр дьыала оҥосто
олороллорун.

    С э м э н С э м э н э б и с. Дьыаланы эрэ көрдөргүн улаха-
ны булуоҥ!

    С а х а. Дьэ, кырдьаҕаас, эн куһаҕаннык быһыыламмыккын, бу
киһи этэрэ кырдьык буоллаҕына... Ити кэннэ мааҥыан да бы-
һыыламмытыҥ сыыһа. Онон биһиги эйиэхэ протокол оҥоробут.

    К у л у б а (ыксаабыт киһи быһыытынан көхсүн этитэр). То-
йокоом, оҕом, сыыһалаах да буоллахпына, бырастыы гыннар-

 104
   99   100   101   102   103   104   105   106   107   108   109