Page 101 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 101

билигин өйдөөн-санаан көрдөхпүнэ, бу Марыына эмээхсини
сыыһа тойонноон ойох ылбыт эбиппин. Кырдьыга, ити суолга
аҕам бокуонньук, суруксут аҕата икки буруйдаахтар. Кинилэр
хаайан тураннар ылларбыттара: төрүттэрэ үтүө дьон диэннэр.
Ол төрүт алҕас эбит. Эдэр да эрдэҕинэ, ити курдук солуута
суох саҥалаах, тыллаах баҕайы этэ. Ону билэ-билэ ылбытым
да... Ээ, чэ, кэбис. Үөдэн баҕайытын. (Туран, утары аанынан
тахсар.)

                                        АЛТЫС КӨСТҮҮТЭ

                                М а р ы ы н а э м э э х с и н киирэр.

    М а р ы ы н а (соҕотоҕун). Били күтүр ханна барда? (Түн-
нүгүнэн өҥөйөн көрөн баран.) Бу дуу ылбыт суруга? Эрэй-
дээх, үөрэхтээх курдук туттунар уонна сурук чааһын чуорду
да билбэт. (Куһаҕан кумааҕынан ылан остуолу сото-сото.)
Ити сэрэйэн аахпыта буолан добдуйар. Бука, суруксут кини
билэр гына суруйбатах киһи буолуо эбээ. (Олорор.) Мин оҕон-
ньорум көнө-акаары эбээ. Суруксут туох диир да — барытын
кырдьыктанан иһэр. Албынныырын, кулдьаҕалыырын билбэт,
сэрэйбэт буоллаҕа. Хайа, Сэмэн Сэмэнэбис даҕаны уола-хаан
буолуо. Босхоҕо, мээлэҕэ эрэйдэммэт дууһа. Ону мин оҕон-
ньорум булан суруксут, доҕор оҥостор. Бэйи, эйигин даҕа-
ны биирдэ эмэ түбэһиннэрэрэ буолуо. Аҕатын курдук сиэмэх,
ымсыы баҕайы. Улууһун буоллаҕына кэлэтэн кэбиспит киһи.
Эн балай эмэ мэтээл, уордьан дии-диигин дэлбэрийэҕин! Ити
билигин, уордьан ылан биэриэх киһи буолан, улуус харчытын
бэрдэрдэ. Итинтикэтэ да сотуура, айдаана суох буолар үһүө?
Этэ сатаан кэбиспитим: маннык суолу оҥостума диэн. Ону
сордооҕуҥ төрүт истибэт. Бэйи, көрөн-истэн иһиэхпит.

                 Кулуба сөтөллөр саҥата иһиллэр, М а р ы ы н а тахсар.

                                       СЭТТИС КӨСТҮҮТЭ

    К у л у б а (киирэр). Даа, буоллаҕа доҕор! (Ытырдар.) Бэйи,
туох аҕынна? Дьэ, олор да олор, көһүт. (Олорон истэҕинэ,
таһырдьа чуораан тыаһыыр. Ыт үрэр.) Но, бу туох кэллэ?!
Суруксут буоллаҕа дуу? (Түннүгүнэн көрөөт.) Бай, хайа үөдэн
дьоно кэллилэр?! Быһыыта, сэтээтэл кэллэ ээ. Бу үлүгэри
көрүҥ эрэ! (Хаҥас ааҥҥа киирэр. Ол кэннэ хаарыс сонун
мэтээллэри кэтэн тахсар.)

                                                                                                                                     101
   96   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106