Page 100 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 100
тэн иһиэхпит, богдо. (Түннүккэ барар.) Уордьаным кэллэҕинэ,
дьэ, үчүгэй да буолуо эбит. (Ыраахтааҕы мэтириэтин көрөр.)
ҮҺҮС КӨСТҮҮТЭ
И и т и э х у о л киирэр.
И и т и э х у о л. Бу эйиэхэ куораттан сурук кэлбит. Кутурук
уол тахсыбыт. (Суругу биэрэр.)
К у л у б а. Сөп, доҕор! Ол кимтэн? Сибилигин билиллиэ.
Бар, таҕыс. (Уол тахсар. Ачыкытын кэтэн баран, суругун ааҕар.)
Уважаемый, Иван Иванович... Даа, буоллаҕа үһү. Ити кэннэ
туох диир эбитий? «Ре-ре-во-лю-ция...» Ити туох диэбит ты-
лай? Муода доҕор. (Өр көрөн олорон, ботугуруур.) «Цар... ор-
ор-ден... орден»... Буот так! (Үөрбүт киһи быһыытынан ойон
турар.) Эмээхсиэн, Марыынаа, кэл эрэ манна!
ТӨРДҮС КӨСТҮҮТЭ
М а р ы ы н а киирэр.
К у л у б а. Көр бу, суруксут миэхэ куораттан сурук ыып-
пыт. Уордьан кэллэ эйиэхэ диэбит. Иһит эрэ, мин ааҕыым:
«Уважаемый, Иван Иванович, ре-ре-во-лю-ция... орден...» Ити
сахалыыта буолар: ыраахтааҕыттан эйиэхэ уордьан кэллэ —
диэн. Дьэ, хайдах курдук киһибиний мин, Марыынаа? (Күлэр,
түөһүн мөтөтөр.)
М а р ы ы н а. Эчи, ким билэр доҕор! Тугу-тугу дьаабыланан
эрэр буоллугут? Мин сүрэҕим-быарым хотон итэҕэйбэт ити
суругу. Баҕар, интикэҥ улахан истээх буолуо...
К у л у б а (соһуйар). Доҕоттор, бу туох буолбут эмээхси-
ний?! Киһи дуу, сүөһү дуу? Киэр бар! Икки харахпар көстүмэ!
М а р ы ы н а (тахсан иһэн). Бэйи, аргыый дэлбэрий. Эн
саҕа чыыннаах-хааннаах тойон баар ини! (Тахсар.)
БЭҺИС КӨСТҮҮТЭ
К у л у б а (соҕотоҕун). Абааһы, кини туой кэдиргитин, тиэ-
рэ өттүн кэбэлийэр буоллаҕа. Туох буолбут киһи буолла? Кини
туохтан үөрүөх баҕайыный? Оннооҕор күн судаар кини са-
наатын таппат. Эгэ миэхэ, куһаҕан саха оҕонньоругар, са-
наатын таптарыа дуо ити күтүр?! (Тохтуур.) Кырдьыга, мин
билиҥҥитэ үтүө киһи ахсааныгар сылдьабын. Аныгы үйэҕэ
киһи эрэ ыраахтааҕыттан наҕараада ылбат. (Улаханнык.) Көр,
онон даҕаны кини, акаары, сыаналаан көрбөт. (Тохтуур.) Мин,
100