Page 97 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 97
К у л у б а. Бар, бар, доҕор! Солуута суох үгүһү саҥарыма.
(Хаҥас аанынан тахсар.)
К э л э ҕ э й Д ь а а к ы п. Дьэ, бэрт доҕор! Кыра киһи кыр-
дьыгын буларыттан ааста. (Тахсар.)
АХСЫС КӨСТҮҮТЭ
Балай эмэ буолан баран, Т ы ҥ ы р а х С э м э н киирэр,
сирэйэ-хараҕа турбут.
Т ы ҥ ы р а х. Хайа, тойон суох эбит дуу? (Хаҥас ааны өҥө-
йөн көрөн баран.) Кулуба, Уйбаан Уйбаанабыс!
К у л у б а (саҥата иһиллэр). Туох баарый, тоҕо бэһирдиҥ?
Манна киир ээ.
Т ы ҥ ы р а х. Суох, бэйэҕин көрсөр наадалаахпын.
К у л у б а (киирэр). Туох баарый, доҕоор? Туохха наадый-
дыҥ? Эмиэ иэс көрдөһө кэллиҥ дуо?
Т ы ҥ ы р а х. Суох, доҕор. Мин бэрт дьиибэни истэн кэл-
лим.
К у л у б а. Ол тугу истэн кэллиҥ?
Т ы ҥ ы р а х. Мин билигин аҕабыыттаахха сырыттым. Аҕа-
быыт, миигин хоһугар ыҥыран киллэрэн, эттэ: соҕуруу дойдуга
ыраахтааҕыны бүрүстүөлүттэн устубуттар үһү диэн.
К у л у б а (соһуйар). Туох диигин, доҕоор? Ол хайдаҕый?
Иирэн кэлбиккин дуу?
Т ы ҥ ы р а х. Кырдьык, доҕор! Учуутал куораттан суруйбут
аҕабыыкка: ыраахтааҕыны уураппыттар диэн. Оннук кэпсээн
куоракка баар диэн...
К у л у б а. Ол суругу ким аҕалбыт?
Т ы ҥ ы р а х. Дьаам устун кэлбит.
К у л у б а. Ону аҕабыыт кырдьыктанар дуу?
Т ы ҥ ы р а х. Хата, аҕабыыт ону сымыйа буолуо диир. Ыйаа-
ҕынан кэлбэтэх суол, онон сымыйанан кэпсииллэрэ буолуо
диир.
К у л у б а. Хата, кини ону сөпкө этэр. Ыраахтааҕы эстэрэ
диэн баар буолуох тустаах, арай, бэстилиэнэй тыһыынча туо-
луутугар. Ол учуутал диэн киһи, бэйэтэ бэлиитик аҥаардаах,
сымыйанан суруйбута буолуо. Ыраахтааҕы эстэрэ диэн — ха-
нан да суох суол. Билигин, бу алдьархайдаах сэрии буола
турдаҕына, муҥар, ыраахтааҕыны уһулан кэбиһииһиктэр дии?!
Ким сэриилэһиэй кини оннугар. Иирбит дьон тыллара диэн!
Ок-сиэ, киһи эҥин-эҥини истэр ээ! (Хаамыталыыр.)
Т ы ҥ ы р а х. Айылааҕын, оннук буоллар, үчүгэй этэ. Сүрэ
97