Page 92 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 92

С э м э н С э м э н э б и с. Мин санаабар, кэлэ сыстаҕа.
    К у л у б а. Дьэ, кэлбит эрэ буоллар, таһаарыаҥ буоллаҕа
дии?!
    С э м э н С э м э н э б и с. Таһаарарым кэмнээх буолуо дуо!
Хата, малааһыны бэлэмнээн олороор. (Күлэр.)
    И и т и э х у о л (ааны өҥөйөн туран). Ат бэлэм буолла.
(Антах барар.)
    С э м э н С э м э н э б и с. Чэ, быраһаай! Үчүгэйдик олоруҥ.
    К у л у б а (кууһан туран, ууруур). Чэ, тукаам, бырастыы,
этэҥҥэ, үчүгэйдик сырыт. Мин дьыалабар кыһанаар. Эрэйгин
кэллэххинэ төлөнүө буоллаҕа.
    С э м э н С э м э н э б и с. Кыһанарым кэмнээх буолуо дуо?
(Тахсар.)

                                        ИККИС КӨСТҮҮТЭ

                                             М а р ы ы н а киирэр.

    М а р ы ы н а. Утары эйигин көрсөөрү кэллэ. Тугу эрэ көрдүүр.
    К у л у б а. Ол баҕайы тоҕо эмиэ кэллэҕэй?
    М а р ы ы н а. Наадалаах буолан кэллэ ини. (Тахсар.)

                                         ҮҺҮС КӨСТҮҮТЭ

                                                У т а р ы киирэр.

    У т а р ы. Дорообо, кулуба! Хайдах-туох олороҕун? Туох со-
нун, кэпсээн баарый? Суруксут куораттаата дуу? Төһө өр буо-
лан кэлэр?

    К у л у б а. Туох да сонун суох. Суруксут хаһан кэлэрин бил-
бэтим.

    У т а р ы. Даа, кулуба, миэхэ билиэттэ аҕал эрэ. Барыах-кэ-
лиэх санаа киирдэ.

    К у л у б а. Ол ханна бараары билиэккэ кыһанныҥ?
    У т а р ы. Ханна барбат буолуохпунуй? Ханна баҕарар ба-
рыллыа — билиэттээх буоллахха.
    К у л у б а. Билиэти билигин бэриллибэт. (Туран, хаамыта-
лыыр.)
    У т а р ы. Ол тоҕо биэрбэт буоллугут? Ханнык суут ыйааҕа
дуу, хайдах дуу?
    К у л у б а. Аҕыйах билиэт баарын суруксут илдьэ баарта.
Суут да ыйааҕа баар: билигин билиэти мээлэ киһиэхэ биэ-
римэҥ диэн. Ону хайдах гыныахпытый?
    У т а р ы. Мээлэ киһиэхэ бэриллибэт буола-буола! Мин төр-

  92
   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96   97