Page 90 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 90

Т ы ҥ ы р а х. Учуутал бэйэтэ миэхэ эппитэ. Бэҕэһээ оскуо-
лаҕа бара сылдьыбытым. Онно миэхэ күлэ-күлэ эппитэ: «Ку-
луба тойон сэриигэ бааһырбыт дьон тустарыгар сиэртибэлээн
эрэр үһү», — диэн. Дьэ, үчүгэй буоллаҕа дии диэтим мин,
ону истэн баран. «Үчүгэй даа?» — диэтэ кини. «Мэтээл ылан
абыранаары, кыра дьон көлөһүнүн мунньан биэрэн эрэр ини».
Инньэ диэбитигэр мин, төрүт кэлэйэн, саҥата суох бардым.

    К у л у б а. Эн кэннэ киһи баара дуо?
    Т ы ҥ ы р а х. Мин кэннэ киһи суох этэ. Ойоҕо баара.
    К у л у б а. Суох, ойоҕо наадата суох. Мин ити курдук сы-
мыйанан, айыыта суох киһини хараарда олорорун, тойотунан
ыйыттарыам. Кини быһыытын-майгытын үрдүкү тойокко бил-
лэриэм. Ити эппитин чааһыгар эйигин туоһу биэриэм, ону эн
кэнники мэлдьэһэ сылдьаайаҥый! Хайаатар даҕаны үҥсүмүнэ
эрэ буолуом суоҕа!
    Т ы ҥ ы р а х. Туох диэн мэлдьэһиэхпиний? Кырдьыгы, ким
да буоллар, дьэ, этэ турар барахсан буолуом. Кырдьык инни-
гэр баһым да барарын кэрэйбэт инибин.
    К у л у б а. Сарсын быраабаҕа кэлээр. Ити эп эппитиҥ ту-
һунан мин боротокуол оҥорторуом. Итинник суол мээлэ хаа-
лара сатаммат. Мин диэтэх киһи, ириэнэҕин аһаран, тоҥугар
тириэрдэн арахсыам!
    Т ы ҥ ы р а х. Оннук-оннук, итинник дьон көҥүл барар буол-
лахтарына, аан дойду олоҕо долгуйаа ини!

                                  Өр соҕус саҥата суох олороллор.

    Т ы ҥ ы р а х (көхсүн этитэн баран). Кулуба, миэхэ аҕыйах
хонукка үс сүүстэ уларса түспэккин ээ?

    К у л у б а. Туох да, доҕоор? Оттон үнүрүүн эмиэ харчы ылар-
га дылы гыммытыҥ дии, ол икки ардыгар туохха кыһанныҥ?

    Т ы ҥ ы р а х. Кыһалҕа элбэх. Кыра уолум дьахтар кэпсэтэ
барар, онуоха туох да кэһиитэ суох. Кыра арыгыны булан ба-
рыа этэ буоллаҕа.

    К у л у б а. Харчы төрүт суох. Баара эрэ уон сүүстээхпин
үнүрүүн ылан барбытыҥ буолбат дуо?

    Т ы ҥ ы р а х. Харчы суох буоллаҕына, атыны да биэрдэргин
бэрт буолуо этэ.

    К у л у б а. Атын туох да суох ээ. (Тугу эрэ саныыр.) Арай
кырынаас биэрэн көрөө инибин. Ол оҕо барахсан барымына
хааллаҕына эмиэ сатаммат. Онон биэрэн көрүөм буоллаҕа.

    Т ы ҥ ы р а х. Дьэ, инньэ гыннаргын абырыаҥ этэ, аҕаккаам.

  90
   85   86   87   88   89   90   91   92   93   94   95