Page 86 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 86
К у л у б а (ыксаабыт киһи быһыытынан). Ыл, суруксут, бу
хара баранаакка боротокуолла оҥоро тарт. Сибилигин кинини
хаайыыга быраҕыллыа! Нохоо, ыл, ааны бүөлүү тур!
Иитиэх уол үөттүрэҕи ылан баран, ааҥҥа турар.
У т а р ы. Ээ, дьэ, боротокуоллаттаргын эрэ дуо, улаханы
бүтэрдэҕиҥ дии! Хата, иһит, мин бэйэҕин боротокуоллатыам —
сэтээтэлгэ. (Бэргэһэтин ылар.) Дьэ, мин эйиэхэ сөптөөх атас
буолуом... (Аан диэки барар.) Бу хара ыт, аны мастаммыт дуу?
И и т и э х у о л хаһыытаабытынан таһырдьа ыстанар.
У т а р ы кэнниттэн тахсар.
БЭҺИС КӨСТҮҮТЭ
Кулуба, суруксут бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр.
К у л у б а. Ити тугуй, доҕоор?! Куотта дии ити хара ыт! Тут-
тарыахха наада.
С э м э н С э м э н э б и с. Ээ, кэбис, доҕор! Ыты ыт сиэ-
тин! Манна диэн эттэххэ, кини кырдьыгы этэр.
К у л у б а (кыыһырар). Ама, туох кырдьыгын эттэҕэй доҕор!
Оттон бэйэҥ сүбэлээн тэрийтэрбит суолуҥ буолбат дуо — үтүө
суол буолуо диэн? Ити кэннэ тугу этэҕин?..
С э м э н С э м э н э б и с (күлэр). Ээ, чэ, кэбис, хааллын,
Иван Иванович. Хайа итирик, абааһы киһи тылын кырдьыктан-
нахпытый? Бэйэтэ да сордоммут эрэйдээх.
Өр соҕус саҥата суох олороллор.
К у л у б а. Оннук даҕаны. Ол эрээри, саныахха куһаҕан. Ба-
ҕардаҕына, дьыалабыт сатамматын билтэ буолуо, ону туох би-
лиэ баарай? (Олорор.)
С э м э н С э м э н э б и с. Хата, прошениебытын ааҕыах...
«Ваше превосходительство! Как известно, Вашему превосхо-
дительству, уже третий год льется кровь русского народа в
борьбе со смертельным врагом вашим...»
АЛТЫС КӨСТҮҮТЭ
Таһыттан И и т и э х у о л, ытаан сыҥсыйа-сыҥсыйа, киирэн,
оһох кэннин диэки барар. Кинини өрө көрө түһэллэр.
К у л у б а. Нохоо, туох буоллуҥ? Кэл бэттэх манна. Ким
кырбаата? Чэ, этэ тарт!
И и т и э х у о л. Утары... ыы-ыы... Баһылай, ыы-ыы-ыы...
86