Page 82 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 82

тоон баран, аргыый аҕай). Сэмэн Сэмэнэбис, эн үөрэхтээх,
төрүт киһи төрүөҕэ, ытык киһи ыччата буоллаҕыҥ дии! Мин,
хайдах гыннахпына, быйыл уордьаны ылыахпыный? Сүбэлээ
эрэ. (Утары баран олорор.)

    С э м э н С э м э н э б и с. Мин санаабар, арай, билигин сэ-
риигэ бааһырбыт дьон туһаларыгар үчүгэйдик сиэртибэлээбит
киһи, уордьаны ыла сыһыа этэ.

    К у л у б а. Онно билигин биэрэр харчы миэхэ суох ээ. Сүө-
һүнү туттуоҕу эмиэ харыһыйыллар.

                                         ОНУС КӨСТҮҮТЭ

                        М а р ы ы н а биир иһит арыгыны тутан киирэн,
                                        хаҥас диэки баран хаалар.

    С э м э н С э м э н э б и с (Марыынаны көрөн баран, көх-
сүн этитэр). Эн ол курдук үтүөнү оҥоруоххун баҕарар буол-
лаххына, оттон, бырааба харчытыттан ылан биэрэн көр ээ.
Хойут, харчы көһүннэҕинэ, төлүөҥ буоллаҕа.

    К у л у б а. Ол быраабаҕа билигин төһө харчы киирэн турар?
    С э м э н С э м э н э б и с. Быйылгы харчылыын, дайыым-
палыын тыһыынчаттан тахса киирэн турар.
    К у л у б а (тохтоон баран). Ити харчы билигин суукка кии-
рээри турдаҕа. Хайа, ол тардыллан хааллаҕына — сатанымаарай?
     С э м э н С э м э н э б и с. Ол харчы чааһыгар суут да би-
лигин олус тоҕо ыксаатаҕай? Харчы кыайан киирбэт, нэһи-
лиэнньийэ төлүүр күүһэ суох диэн биллэрдэххэ, мин санаабар,
олус ыксатыахтара суоҕа этэ.
    К у л у б а (тохтоон баран). Холобурун эттэххэ, онтон тө-
һөтүн сиэртибэлээтэххэ сөп буолуой?
    С э м э н С э м э н э б и с. Биэс мөһөөҕү биэрбит киһи, кы-
һыл да көмүс уордьаны ыла сыһыа эбитэ буолуо.
    К у л у б а (аргыый аҕай). Дьон биллэхтэринэ, ол сыыһа-
лаах буолаарай? Хайдах дуу?
    С э м э н С э м э н э б и с (кыһаммыт киһи быһыытынан).
Ээ, туох диэн эттэҥий? Ол харчыны үтүө суолга тутуннахха
да, олус буруй кэлэр үһүө?!
    К у л у б а. Сөпкө эттиҥ! Ол иһин, мин эйигин бэркэ тап-
тыыр этим. Аҕаҥ бокуонньук да үтүө киһи этэ. Марыынаа,
арыгыны аҕал эрэ!

                           Марыына арыгыны аҕалан, остуолга уурар.

    Ити туһугар эн, Сэмэн Сэмэнэбис, кыһанаар эрэ!

  82
   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87