Page 84 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 84

К у л у б а. Дьэ, үчүгэй! Эн киһи өр гынаахтыаҥ дуо! Хайа,
ааҕан иһитиннэриэҥ дуу?

    С э м э н С э м э н э б и с (ааҕар). Его превосходительству
Якутскому Губернатору...

               Таһырдьа ыт үрэр. Сэмэн Сэмэнэбис кулуба диэки көрөр.
                                          Кулуба аан диэки көрөр.

                                       ИККИС КӨСТҮҮТЭ.

                                 Таһыттан И и т и э х у о л киирэр.

    К у л у б а. Нохоо, ыт тугу үрэр? Ким кэллэ?
    И и т и э х у о л. Суох, ким да кэлбэтэ. Ыт бэйэтэ үрэр.
    С э м э н С э м э н э б и с (ааҕар). Его превосходительству
Якутскому Губернатору, прошение головы...

                               Ыт улаханнык үрэр, суруксут тохтуур.

    К у л у б а. Туох баҕайыный, доҕор! Бар, нохоо, тахсан көр!
(Уол тахсар.) Киһини сүгүн олордоллоруттан аастылар ээ...

                                         И и т и э х у о л киирэр.

                                         ҮҺҮС КӨСТҮҮТЭ

    И и т и э х у о л. Туох да биллибэт. Мээлэ, тыа диэки көрө-
көрө, үрэр. Сибиэни үрэр быһыылаах.

    К у л у б а. Баллыгыраама, түксү! Эн үөргүн үрэрэ буолуо,
акаары! Дьэ, аах эрэ, Сэмэн Сэмэнэбис.

                                       ТӨРДҮС КӨСТҮҮТЭ

                    Таһыттан У т а р ы көтөн түһэр. Итирик быһыылаах.

    У т а р ы. Дыраастый, кулуба тойон! (Илиитин биэрэр.) Ды-
раастый, суруксут! (Олорор.) Кулуба, кэпсиэ! Хайдах-туох оло-
роҕут?

    К у л у б а. Үчүгэй. Эн кэпсиэ.

                                       Суруксут суруйбута буолар.

    У т а р ы. Туох да суох. Арай, куоратчыт тахсан, атахпынан
сурук суруйа сылдьабын. Бу туох дьыалатын оҥордо суруксут?

    С э м э н С э м э н э б и с. Ээ, бэйэм, киһиэхэ суруйабын.

                                  Кулуба уот иннигэр баран олорор.

    У т а р ы. Хайа, кулуба, кыһыл көмүс мэтээли ылбыт сурах-
тааҕыҥ? Онтукаҥ ханнаный? Хайа, малааһыныҥ, кыра-хара

  84
   79   80   81   82   83   84   85   86   87   88   89